Өлүөхүмэ нэһилиэктэрэ ууга барар кутталлаахтар

72

Киин улуустарга халаан уутун балаһыанньатын этэр эбит буоллахха, Өлүөнэ өрүскэ уу таһымын түһүүтэ бэлиэтэнэр. Уу түһүүтэ бу кэлэр икки суукка устата салҕаныаҕа. Ууттан улаханнык эмсэҕэлээбит Нам улууһугар уу чааска ортотунан 2см- 10см-га диэри түһэр. Ууга барбыт 16 нэһилиэктэн аҕыһа босхолонно. Ол курдук Үөдэй, Бартыһаан, Аппааны, Фрунзе, Көбөкөн, Никольскай, Кыһыл Дэриэбинэ, Маймаҕа сэлиэнньэлэригэр дезинфекциялыыр биригээдэлэр үлэлэрин саҕалыахтара. Билигин уотунан, гааһынан хааччыйыы үлэтэ ыытыллар, суолу-ииһи оҥороллор, хоромньуну ааҕаллар.

Айсен Николаев, СӨ Ил Дархана: «Улуус өттүттэн этиилэр киирдилэр. Ол курдук дьиэлэрин сөргүтэллэригэр тутуу матырыйаалын көрдөстүлэр. Мин санаабар, сөптөөх туруорсуу. Улууска маны сүрүннүүр ыстаап тэрилиннэҕинэ, хамыыһыйа кэннэ көмө оҥоһуллуоҕа. Биир улахан уустук боппуруос – тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһа. Тоҕо диэтэр элбэх сылгы, сүөһү сүттэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уон хонук иһинэн көмө хайдах быһыылаахтык барарын миэхэ бигэргэтиигэ киллэриэхтээх».

Ил Дархан бэҕэһээ Өлүөхүмэ улууһугар үлэлээтэ, ууга барбыт нэһилиэктэр олохтоохторун кытта көрүстэ.

Маны тэҥэ, Кэбээйилэр халаан уутугар олохтоохтук бэлэмнэнэн олороллор, ол гынан баран билигин даҕаны Батамайга, Сииттэҕэ, Арҕаска уонна Сангаарга  уу ылар  "куттала баар. Уу ылар сиригэр барыта 250-чэ киһи олорор, 66 дьиэ баар. Бу этиллибит нэһилиэктэргэ уопсайа 530 миэстэлээх 11 быстах олорор пууну бэлэмнээбиттэр. Балаһыанньа күннэтэ уларыйа турар. Холобура, бэҕэһээ эбиэттэн киэһээ уу таһыма 1-12см диэри үрдүү турар диэн улуус баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Александр Сивцев иһитиннэрэр.

Александр Сивцев, Кэбээйи улууһун баһылыгын эбээһинэһин толорооччу: «Арҕаска 12см үрдээтэ. Бу нэһилиэккэ дьон быстах кэмҥэ олорор пууҥҥа көһөн эрэллэр. Онтон сүөһүлэри үрдүк сиргэ таһаардыбыт. Дьоҥҥо-сэргэҕэ иһитиннэриини тириэрдии, дьуһуурустуба тэрилиннэ».

Оттон Дьааҥы өрүскэ көмүөл мууһа Баатаҕай-Дьааҥы учаастагынан ааһар. Халыма өрүскэ муус алын кирбиитэ Орто Халыма куоратын аһаран эрэр. Сэрэтэр миэрэлэр түмүктэригэр муус орто таһымнаахтык устар уонна кутталлаах кээмэйтэн уу таһыма 2 миэтэрэнэн намыһах. Ону тэҥэ Бүлүү өрүс салаатыгар Марха уонна Дьааҥыга Адыаччы уонна Сартаҥ өрүстэргэ муус барар турар.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн халаанынан сибээстээн ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньата салҕанар. Бүгүн дойду ыксаллаах быһыыга-майгыга  миниистирэ Александр Куренков Саха сиригэр кэлэр, чуолаан миниистир Нам улууһун Аппаанытыгар сылдьара күүтүллэр. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ халаан уутун уопсай балаһыанньатын уонна ууттан эмсэҕэлээбиттэргэ төһө көмө наадатын сыаналыаҕа, билсиэҕэ.