Ууга эмсэҕэлээбит нэһилиэктэргэ көмө хомуйуу салҕанар

107

Нам улууһугар 12 нэһилиэк ууга барыаҕыттан Ленскэй нэһилиэгэр гуманитарнай көмө киинэ тэрилиннэ. Манна түүннэри-күнүстэри дьон араас малы-салы, сылаас аһы аҕалар. Биир дойдулаахтарын туһугар олус ыалдьар, долгуйар кыргыттар тохтоло суох ас астыыллар. Оттон улуус эр дьоно бары ыксаллаах быһыы-майгы үлэһиттэрин кытта уу кэлбит сиригэр үлэлии сылдьаллар. Чааһынай урбаанньыттар туора турбакка ас минньигэһин, дэлэйин барытын тиэртилэр. Бу туһунан Намнааҕы "Мин дьыалам" киинин салайааччыта иһитиннэрдэ.

Марфа Тарабукина, Намнааҕы "Мин дьыалам" киин салайааччыта: «Ууга барбыттарга анаан түөрт  кафеҕа ас астанар. Бу маны олохтоох урбаанньыттар тэрийдилэр. Ону тэҥэ дьиэ кэргэнинэн кэлэн көмөлөһөллөр. Ас-үөл көмөнү эмиэ аҕалан саҕалаатылар».

Хатырык нэһилиэгин олохтооҕо туох баара барыта сытыйан, ууга былдьанна. Кыһыҥҥы таҥаһа, оҕолорун хаартыската уонна саамай сүрүнэ - газ оһоҕо алдьанан ититиитэ суох хаалла.

Билигин киниэхэ аһыыр астан, халыҥ таҥастан ураты, дьиэни сылытар, ас астанар, аһы харайар тиэхиньикэ наада. Тиэргэнин иһигэр турбут теплицэтин барытын халаан уута илдьэ барбыт.

Галина Романова, Хатырык нэһилиэгин олохтооҕо: «Тиэхиньикэ өттүнэн улаханнык эмсэҕэлээбит. Гаас оһохпут алдьаммыт. Таҥас-сап барыта ууга барда, кыһыҥҥы таҥаһа суох хааллыбыт. Оҥкучак анна билигин да барыта уу, онон линолеуммутун туурдубут».

Дьокуускай куоракка агро технологическай үнүстүүккэ халаан уутугар эмсэҕэлээбиттэргэ көмөлөһөллөр. Куорат олохтоохторо дьааһык муҥунан суунар малы-салы, саҥа таҥас арааһын аҕаллылар.

Зоя Сорокоумова, АГАТУ профсоюзнай кэмитиэтин салайааччыта: «Гуманитарнай көмөнү номнуо хаста да ыыттыбыт».

Өлүөхүмэттэн төрүттээх уолаттар бэйэлэрин биир дойдулаахтарыгар утуйар сылаас таҥаһы-сабы хас эмэ куулунан аҕаллылар. Дойдубут дьонун тирээн кэлбит кыһалҕаҕа соҕотохтуу хаалларбаппыт диэн туох кыахтаахтарынан өйүүллэр.

Степан Будищев, Дьокуускай куорат олохтооҕо: «Биир дойдулаахтарбар көмө хомуйдубут. Дьокуускайга олорооччулар түмсэн наадалаах мал-сал баһыылкатын оҥордубут».

Дьокуускай куорат олохтоохторо бэйэҕит көмөҕүтүн АГАТУ 1-кы этээһигэр уонна Курашов аатынан уулусса 24-с дьиэтин 4-с этээһигэр аҕалыаххытын сөп.