Дьокуускайга Сайылык күнүн көрүстүлэр
Өбүгэ сиэринэн сыт тахсар. 9 Далбар хотун киин куорат болуоссатын алгыстаах амтаннаах алаадьы сытынан толорор. Сайылык күнүн көрсө сиэр ыыттыллар. Халлаан ону кэтэспиттии арыллан, күн сандаарыччы тыгар. Онтон бу буоллаҕа Далбар хотуттар, мустубут дьон алгыс, ыраас санаалара.
Ирина Абрамова, CӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бочуоттаах олохтооҕо: «Күн алаадьыта – Айыы аһылыга диэн былыр былыргыттан биһиэхэ алгыс буолбут бэйэбит сиэринэн туомунан бу үгэһи өрө тута сылдьабыт».
2019 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕынан ыам ыйын 22 күнэ Сайылык күнүнэн биллэриллибитэ. Оттон бу да иннинэ өбүгэ саҕаттан сайылыкка көһүү үтүө үгэс быһыытынан бэлитэнэр. Арыылаах алаадьынан, сибиэһэй сүөгэйинэн уйгу-быйаҥ сайынын көрдөһөн сайылык олохтоохторо сирдэрин аһаталлар. Оттон киин куоракка 2 төгүлүн бу күнү көрсүү ураты тэрээһиҥҥэ кубулуйда.
Күн бүгүн манна 3 түһүлгэнэн "Саха мааны аһа-таҥаһа", "Сайылык", "Саха төрүт оонньуулара" тэрээһиннэр ыытылыннылар. Үөһээ Бүлүү эр хоһууна Михаил Андылыков кыыс оҕотунаан "Хомуур курэҕэр" кыттыыны ыла сылдьар. Саха биир төрут оонньуута сайдан эрэриттэн үөрэр.
Михаил Андылыров, күрэс кыттааччыта: «Бу оонньууну билбитим иккис сыла буолла. Сырыы аайы кыттабын, миэстэлэһэбин. Үчүгэй оонньуу, толкуй түргэн, туох баар былчыҥын барыта үлэлиир, сайдар».
Сайылыкка киирии биллэн туран, саламаата, кус миинэ суох ааспат, манна Саха мааны аһа-таҥаһа түһүлгэҕэ кэлбит ыалдьыттар сайылыкка киирбиттии төрүт аспытын сиэн дуоһуйдулар. Хороҕор муостаахтар онтон да атын кыыл-сүөл болуоссакка дьону-сэргэни, оҕолору биир сиргэ түмтэ.
Алёна Саввина, Л.Ким аатынан художественнай оскуола үлэһитэ, тэрийээччи: «Бу “Сайылык сайына” диэн биһи Сахабыт сирин историятын, айылҕатын көрдөрөн оҥоһуллубут хартыына буолар. Хас биирдии киһи бэйэтин илиитинэн уурбута олус интириэһинэйдик көстүө дии саныыбын. Холоон көрдөххө 300-400 киһи кэлэн барар».
Күн бүгүн Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 348 сайылык баара бэлиэтэнэр. Онно 1838 киһи үлэлии хамсыы сылдьар. Кэлиҥҥи кэмҥэ сайылыктарга улахан болҕомто ууруллан, бу хайысхаҕа көдьүүстээх үлэ барар. Сайылктааһын бырагырааммата киэҥ хабааннаахтык үлэлиир.