Улуу Кыайыы күнүгэр аналлаах Дьокуускайга Кыайыы вальса буолла
Кыайыы вальсыгар барыта 70-ча паара үҥкүүлээн, Улуу Кыайыыны уруйдаата. Манна ким баҕалаах кыттар. Онон сыллата кыттааччы ахсаана хаҥыыр. Тэрээһин биир саамай аҕа саастаах үҥкүүлээччилэринэн, "Көмүс күһүн" үһүс көлүөнэ оскуолатын иһинэн тэриллибит бальнай үҥкүү ансаамбылын кыттылаахтара буоллулар. Бу - тэрийээччи, бастакы салайааччы, тыыл бэтэрээнэ 88 саастаах Софья Алексеевна Неустроева уонна ансаамбыл кыттыылааҕа, сэрии оҕото, 85 саастаах, Пантелеймон Федорович Федоров вальстаан эргийэллэр.
Софья Алексеевна “Көмүс күһүн” ансаамбылыгар төһө да сааһырдар үҥкүүлүүрүн тохтоппот. Үҥкүү кыаҕы-күүһү, үтүө сүргэни бэлэхтиир диэн санаатын үллэстэр.
Софья Неустроева, "Көмүс күһүн" үҥкүү ансаамбылын төрүттээччи, тыыл бэтэрээнэ: «Дойдум – Лиэнскэй оройуон. Манна олорбутум 40-тан тахса сыл буолла. Сыл аайы манна үҥкүүлүүбүт. 2010 сылтан саҕалаабыппыт өрөспүүбүлүкэтээҕи үҥкүүнү. Онтон ыла биһи сыл аайы үҥкүүлүүбүт».
Оттон Пантелеймон Федорович ансаабылга дьарыктаммыта уонча сыл буолла. Бу бэтэрээннэр ансаамбылларыгар 55 саастарыттан үөһээ саастаахтар кэлэн дьарыктаналлар. Кинилэр ортолоругар ыал пааралар эмиэ бааллар. Ансаамбыл кыттыылаахтара бары хаһан даҕаны эрдэ үҥкүүлээбэтэх, сыанаҕа тахсыбатах дьон. Онон бочуоттаах сынньалаҥнарын доруобуйаҕа туһалаахтык атаарабыт диэн бэлиэтииллэр.
Пантелеймон Фёдоров, "Көмүс күһүн" үҥкүү ансаамбылын кыттыылааҕа, сэрии оҕото: «Улуу кыайыыны бэлиэтииргэ сыл аайы наһаа үчүгэй. Эһиил 80 сыла буоларыгар кыттыа этибит буоллаҕа».
Ансаамбыл быйыл төрүттэммитэ 13-с сыла. Көмүс күһүннэр куорат бөдөҥ тэрээһиннэригэр өрүү кытталлар, биир даҕаны куонкуруһу аһарбаттар. Өссө клип устан таһаараллар. Салгыы даҕаны кэрэҕэ тардыһан үҥкүүлүүр соруктаахтар.
Августа Москвитина, "Көмүс күһүн" бальнай үҥкүү ансаамбылын салайааччы: «Сыл аайы кыттабыт. “Көмүс күһүн” бэтэрээннэр үҥкүү ансаамбыла. Кыайыы вальсыгар хайаан да ыҥыраллар. Эрдэ кэлэммит эрчиллэбит уонна үөрүүнү кытта кыттабыт. Барыгытын эҕэрдэлиибит улуу бырааһынньыгынан».
Сынньалаҥҥа ким баҕалаах үҥкүүлээн Кыайыы вальсыгар кыттыста. Тэрээһин болуоссакка ыытыллар бырааһынньыктааҕы кэнсиэри кытта дьүөрэлии буолла. Манна ырыа кэллэктииптэрин тэҥэ, идэлээх артыыстар эмиэ кыттан, көрөөччүлэргэ чаҕылхай көстүүнү, умнуллубат түгэни бэлэхтээтилэр. Эһиил Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх 80 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт вальска бэлэмнэнии номнуо саҕаланан, өссө элбэх үҥкүүлүүр дьону болуоссакка түмүө турдаҕа.