АГИКИ устудьуоннара урбаан эйгэтигэр сысталлар
Чурапчы улууһуттан төрүттээх Гаврил Никутов Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтугар ойуулуур-дьүһүннүүр салаатыгар үөрэнэр, быйыл үөрэҕин бүтэрэр, дипломнай үлэтигэр бэлэмнэнэр. Гаврил устудьуоннуур сылларын тухары хартыыналарын атыылыыр, сакааһынан эмиэ үлэлиир. Бу дьаарбаҥкаҕа хас да үлэтин туруорда.
Гаврил Никутов, Арктикатааҕы культура уонна искусство институтун устудьуона: "Сыл аайы маннык тэрээһиҥҥэ кыттабын. Быйыл натюрмортары туруордум уонна графика эмиэ баар. Маны сэргэ бөҕөхтөрү эмиэ оҥоробун".
АГИКИ устудьуоннарын маннык быыстапка-дьаарбаҥкалара сыллата хаста даҕаны тэриллэр. Эдэр дьон бэйэлэрин үлэлэрин атыыга таһааран, эбии харчы аахсар кыахтаахтар. Дьаарбаҥкаҕа сахалыы-таҥаһы- сабы, киэргэли, декору, хартыыналары туруорбуттар, кинигэлэр да бааллар. Институкка бүгүҥҥү күҥҥэ уонтан тахса салааҕа сүүһүнэн устудьуон үөрэнэр.
Анна Петрова, Арктикатааҕы культура уонна искусство институтун үлэһитэ: "Ойуулуур-дьүһүннүүр салаа устудьуоннар бэйэлэрин үлэрэрин дьаарбаҥкаҕа туруораллар. Үлэлэрин дьон-сргэ көрүүтүгэр таһааралларын тэҥэ урбаан эйгэтигэр бастакы хардыылары оҥороллор".
Дьаарбаҥкаҕа сүрүннээн худуоһунньук идэтигэр уһуйулла сылдьар устудьуоннар бэйэлэрин үлэлэрин туруордулар. Манна араас хайысханан, техникэнэн оҥоһуллубут бэртээхэй хартыыналары тэҥэ, ураты тупсаҕай оҕуруонан тиһиллибит ытарҕалары, браслеттары атыылаһыахха сөп. Саина Старостина дьүөгэлэрин кытта мастарсыайдарыгар сахалыы приннаах футболкалары оҥорон таһаараллар.
Саина Старостина, Арктикатааҕы культура уонна искусство институтун устудьуона: "Сахалыы ыччат култууратын тарҕатыыга үлэлэһэбит. Араас сахалыы тыллардаах, этиилэрдээх таҥаһы оҥорон таһаарабыт".
Оттон театральнай сценограф идэтин баһылаары сылдьар Владислав Ноговицын куукула оҥорорго бэйэтэ үөрэммит, бастакы холонуутун атыыга таһаарарга санаммыт.
Владислав Ноговицын, Арктикатааҕы культура уонна искусство институтун устудьуона: "Мин куукулаларбыт полимернай туойтан оҥордум. Араас технологияны туһанным".
Онон устудьуоннар дьаарбаҥкаҕа бэйэлэрин айбыт үлэлэрин, оҥоһуктарын атыылаан удамыр дохуот киллэринэн, астынан тарҕастылар. Салгыы ыһыаҕы көрсө маннык тэрээһини ыытар соруктаахтар.