Нам улууһун биир бастыҥ ыала Поротовтар
Евгения уонна Петр Поротовтар 11 оҕо эрэнэр эркиннэрэ, тапталлаах төрөппүттэрэ буолаллар. Бэйэлэрэ иккиэн оҕо дьиэтигэр улааппыт буолан, хайа баҕарар оҕоҕо ийэ-аҕа таптала наадатын кимнээҕэр ордук билэллэр. 6 иитэ ылбыт оҕолоруттан ураты, бэйэлэрэ 5 оҕолоохтор. Бастакы оҕолорун 2008 сыллаахха иитэ ылбыттара, хаһыакка саҥа дьылга баҕа санаатын суруйбутун көрөн, тута иитэ ыларга санаммыттара. Евгения ахтарынан, 2 ыал аккаастаммыт оҕотун улаатыар диэри дьиэ кэргэн сыһыаныгар, үлэҕэ-үөрэххэ такайан киһи киэн туттар киһитин иитэн таһаарбыттар.
Евгения Поротова, элбэх оҕолоох ийэ: "Хас биирдии оҕо бэйэтэ туспа майгылаах, ону төһө кыалларынан өйдөөн, өйөөн иитэ сатыыбыт".
Саамай улахан уоллара 28 саастаах, туһунан ыал буолан олорор, оттон саамай кыра кыыстара быйыл алын сүһүөҕү бүтэрэр. Мурун бүөтэ эдьиий, убай саамай атаахтара, маанылара. Оттон үс улахан кыыс быйыл оскуолаларын бүтэрэр эппиэтинэстээх сыллара. Онон ийэлээх аҕалара утуйар уубут көтөрө чугаһаата диэн долгуйа кэпсииллэр. Поротовтар дьиэ кэргэн оҕолоро үөрэхтэнэллэригэр, дэгиттэр буолалларыгар бары сыраларын уураллар.
Линура Оконешникова, Поротовтар дьиэ кэргэн орто кыыстара: "Ас астаан, дьиэ хомуйан көмөлөһөбүн. Уочараттаһан иһит сууйабыт уонна өрөбүлгэ дьиэ сууйабыт. Итиэннэ бэйэбит хоспутун хомунабыт".
Ыал аҕата Петр Поротов кыыс оҕону иитиигэ төрөппүт киһи бастатан туран үлэҕэ сыһыарыахтаах. Оҕо дьиэтиттэн кэлбит оҕолор үгүстэрэ ас хайдах, туохтан астанарын, дьиэ хомуллуохтааҕын туһунан өйдөбүлэ суох кэлэллэр. Ол иһин эрдэттэн дьиэ ис-тас наадатыгар куруук көхтөөх буолалларын ирдиир. Араас майгылаах оҕолору биир дьиэ кэргэҥҥэ түмэр син биир ыарахаттардаах, бу туһунан дьиэ тутаах киһитэ бэйэтин санаатын кэпсээтэ.
Пётр Поротов, элбэх оҕолоох аҕа: "Тохтоон турбакка, өрүү иннибит диэки диэн салаанан салайтарабыт. Саамай сүрүнэ тулуур наада, оччоҕо барыта табыллар. Оҕо хаппырыыһын тулуйуохха наада".
Нам улууһа холобур оҥостор дьиэ кэргэнэ оҕону иитэ ылыыны бу манан эрэ тохтотор санаата суох. Хас биирдии оҕо ийэлээх, аҕалаах, төннөр дьиэлээх буолуохтаах диэн санааны кинилэр өрө туталлар.