Намҥа ыт приюта үлэҕэ киирдэ
Ыт араас боруодата бу эргэ кииҥҥэ баар. Ленскэй нэһилиэгэр уонна чугас эргин сытар нэһилиэктэртэн тутуллубут бэйдиэ сылдьар ыттар манна киирэн бастаан 10 күн харантыыҥҥа тураллар. Ол кэннэ быһыы туорараллар, аттыыллар эбэтэр төрөөбөт-ууһаабат гына баайаллар. Хас биирдии ыт хаартыската ыйанар, үтүө, мөкү өрүттэрэ телаграмм ханаалга суруллар. Манан көрөн баҕалаах киһи ыт ииттэ ылыан сөп. Бу кииҥҥэ кинилэр, босхо куттала суох сиргэ туран, күҥҥэ иккитэ аһыыллар. Эт сибиэһэйин, араас тэрилтэлэртэн ордубут астарын сылаастыы биэрэллэр.
Василий Крымков бэйэтин баҕатынан бу кииҥҥэ дуогабарынан үлэлии киирбитэ. Онтон ыла туох баар сыратын-сылбатын ыт нэһилиэнньэҕэ кутталы үөскэппэтигэр уурар. Бэйэтин массыынатын ыттары таһарга диэн уларытан, бэрт тутууну оҥорбутун көрдөрдө. Василий саҥа приюту кэпсээтэ.
Василий Крымков, Намнааҕы ыты быстах кэмҥэ тутар киин салайааччыта: "4 үлэһиттээхпит. Саҥа тутуллубут дьиэбитигэр эпэрээссийэлиир хос, бэтэринээр хоһо, хочуолунай, ыскылаат баар буолуоҕа".
Саҥа приют уопсайа 80 төбө ыкка аналлаах. 3 нэһилиэктэн, киирбит сайааапкаларынан, ыттары тутан аҕалаллар. Олохтоохтор нэһилиэк салалтатыгар эбэтэр бу кииҥҥэ бэйэтигэр эрийэн кэлиэхтэрин сөп. Сыл саҕаланыаҕыттан 50-тэн тахса ыт тутулунна. Олортон 23-һэ быһыы ылла.
Пётр Сокольников, Ленскэй нэһилиэгин баһылыга: "Бу дьиэ тутуутугар улуус дьаһалтата уонна Ленскэй нэһилиэгэ үбүлээн тутулунна. Бэйдиэ сылдьар ыт боппуруоһа дойду үрдүнэн сытыытык турар. Сокуон хараҕынан көрүүтэ-харайыыта суох кыыллары кытта үлэ ыытыллыытыгар бу эбийиэк тутулунна".
140 квадратнай миэтэрэ иэннээх саҥа уораҕай тутуллуутугар уопсайа 6 мөлүйүөн көрүлүннэ. Нэһилиэнньэҕэ сытыытык турар кыһалҕаны Нам улууһа уонна Ленскэй нэһилиэгэ эппиэтинэскэ ылан, атын улуустарга холобур буолла. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 14 приют уонна 11 быстах кэмҥэ тутар киин баар. Билиҥҥи туругунан ити сирдэргэ 914 ыт тутуллар, олортон 579 бу сылга киирдилэр.
Анна Васильева, Дьокуускайдааҕы ветеринарнай департамент иниспиэктэрэ: "Тутуллубут ыттар барыта сэттэ тэрээһини ааһаллар. Ол курдук маркировкалааһын, онтон харантыын, быһыы туруоруу, аттааһын. Ол кэннэ көҥүл ыытыы ".
Дьокуускай куоракка ыты иитэр киин Очиченко уулусса 57-с дьиэтигэр баар. Манна нэдиэлэҕэ 30-туу ыт тутуллан киирэр. Бу көрдөрүү күһүнүн элбиир. Онон ыттаргытын эрдэттэн көрөргүт, иитэ ылбыт кыра доҕотторгутугар эппиэтинэһи ыларгыт булгуччулаах.