АГАТУ 70 тыһыынчаттан тахса рассаданы олордуо
Ойуур хаһаайыстыбатын комплексын уонна сири оҥоруу факультетыгар үөрэнэ сылдьар Арктикатааҕы агротехнологическай университет иккис кууруһун устудьуона Максим Бубякин быраактыкатын бара сылдьар. Икки ый устата ыытыллар быраактыкаҕа устудьуоннар рассада олордуутугар, көрүүтүгэр-истиитигэр күүс-көмө буолаллар. Максим рассада буорун бэлэмниир түбүгэр сылдьар.
Максим Бубякин, Ойуур хаһаайыстыбатын комплексын факультетын 2 кууруһун устудьуона: "Буору, туорпаны уонна кумаҕы булкуйабыт. Кумаҕа уонна буора тэҥ тэҥэр буолуохтаах. Үүннэрии ымпыгын – чымпыгын ис өттүттэн билэр гына быраактыка бара сылдьабыт"
Күннэтэ үүнээйилэри университет преподавателлэрэ, наука кандидаттара салайааччылаах бөлөх көрөр-истэр, бүөбэйдиир. Быйыл этиллибитин курдук 70 тыһыынчаттан тахса рассаданы олордуохтара. Онтон 50 тыһыынчата сибэкки, 20 тыһыынчаттан тахсата оҕуруот аһын рассадата буолар. Сибэкки 28 араас көрүҥүн, оҕуруот аһын 10 керүҥүн сыллата көхтөөхтүк ыһаллар.
Мария Лукина, агрономия уонна химия кафедратын старшай преподавателэ: "Оҕуруот аһыгар, холобура кабачки бэйэтин бэйэтэ куоппаһырдар диэҥҥэ икки көрүҥү атыыга таһаарыахпыт. Маннык көрүҥнэри кэнники икки сылга дьон-сэргэ олус диэн сэҥээрдэ, сөбүлээтэ. Куоппаһырдыллар суортарга биир ас тахсар буоллаҕына, биһиэнигэр 3-4 ас тэҥинэн үүнэр".
Оҕуруот аһын рассадалара номнуо ситэн, улаатан тураллар. Оҕурсу, помидор, биэрэс, баклажан, тыква, арбуз бааллар. Сибэккилэр эмиэ хайыы-үйэ ситэн, дьэрэкээн өҥнөрүнэн туланы киэргэтэллэр. Манна петуния хас да көрүҥэ, бархатцы, титония, лилия, дельфиниум онтон да атын кэрэ сибэккилэр үүнэн чэлгийиэхтэрэ. Бу ыйга университет преподавателлэрэ дьоҥҥо-сэргэҕэ анаан маастар кылаастары тэрийэн ыыттылар.
Васёна Устинова, агрономия уонна химия кафедратын доцена: "Рассаада буорун хайдах оҥорооһун туһунан маастар-кылаастары ыыппыппыт. Маны сэргэ петуния уонна моонньоҕон уктарын сөпкө силис таттарыыны үөрэппиппит. Нэһилиэнньэ сэҥээрбитэ, элбэх киһи кытыыны ылбыта”.
Теплицэҕэ олунньу ыйтан саҕалаан рассадалары олордон саҕалаабыттар. Онон билигин үлэ үгэнэ. Хас биирдии үүнээйигэ болҕомтолоох сыһыан, кыһамньы ирдэнэр. Оҕуруот аһыгар, сибэккигэ тус-тустуһунан уу кутуута, уоҕурдууну туһаныы туттуллар. Биир сааскы күн - сылы аһатар. Онон маннык кылгас сайыммыт устата бэйэ иҥэмтиэлээх оҕуруотун, үүнээйитин хото олордон, өлгөм үүнүүнү ылыахха сөп.