Өрүһү уоран туорааччыларга хонтуруол күүһүрэр

90

Биһиги устар бөлөхпүт Даркылааҕынан Аллараа Бэстээххэ туоруур сиргэ холбоһуктаах рейдэҕэ кыттыста. Ол курдук ГИМС, транспортнай полиция, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор хамыыһыйалара, Дьокуускай куорат Быыһыыр сулууспата кыттыгастаах.

Бэрэбиэркэ бара турар сиринэн муус суола 15 чыыһылаҕа сабыллыбыта. Ол эрэн уоран туорааһын бэлиэтэнэ турар буолан, хонтуруол туһааннаах биэдэмистибэлэр өттүлэриттэн күүһүрэр. Муус барыар диэри маннык рейдэлэр күн аайы ыытыллыахтара.

Станислав Соломохин, Дьокуускайдааҕы ыксаллаах быһыы - майгы сулууспатын быыһааччыта: «Куорат тулатынааҕы муус суоллар бары сабыллан туралларынан уоран туорааччылары тутабыт. Ууга түһүү тахсыбатын туһугар бу тэрээһин ыытыллар. Буруйдааҕы туттахпытына административнай боротокуол толоробут уонна ону мэрияҕа ыытабыт. Онно кинини кытта туһааннаах кэпсэтии ыыталлар уонна ыстарааптыыллар». 

Улахан кыамталаах массыыналар мууһунан айанныы сылдьалларын баттастыбыт. Ол эрэн хонтуруоллааччылар мууска киирэр бырааптара суох буолан көрбүтүнэн куоттардыбыт.  Онтон Аллараа Бэстээх өттүттэн туорааччылар рейдэ буола турарын көрөн тута төптөрү бардылар. Ол иһин буруйу кэһээччилэри тутар сыалтан массыыналары көстүбэт гына туруортаатылар. Кэмниэ кэнэҕэс биир улахан массыына кэлбитин тохтоттулар. 

Рейдэлээччилэр тохтоппут суоппардарыгар муус суолунан айаннааһын билигин бобуулааҕын,  киһи олоҕор кутталлааҕын быһаардылар уонна анал суруктары туттардылар. Онтон суол-иис иниспиэктэрдэрэ суоппардар докумуоннарын бэрэбиэркэлээтилэр.

Буруйдаахтар административнай хамыыһыйа быһаарыытынан ыстарааптаналлар. Ол курдук физическэй сирэй 3-5 тыһ солкуобайга диэри, оттон дуоһунастах сирэйдэр 20-50 тыһ. солкуобайга диэри юридическэй сирэйдэр накаастабыллара мөлүйүөҥҥэ диэри. 

Гидрометкиин иһитиннэрэринэн быйыл Саха сирин өрүстэригэр муус орто көрдөрүүттэн  чараас. Онон дьону-сэргэни өссө төгүл мууска сэрэхтээх буоалларын ыҥыраллар. Маннык хабааннаах рейдэлэр өссө күүһүрэллэрин санаталлар.