Дьокуускайы уу билиэниттэн босхолооһун
Дьокуускай коммунальнай хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр түбүктэрэ элбээн турар. Күннэтэ ууну кытта охсуһуу үлэтэ быыстала суох төгүрүк суукка устата тэриллэр. Ууну хачайдааһын бастатан туран, намтал сирдээх уулуссаларга күүскэ ыытыллар.
Дьокуускай куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа этэринэн, күн ахсын сүүһүнэн кууб ууну хачайдыылар. Муус устар саҥатыттан куорат уулуссаларыттан уопсайа 12 тыһыынча кууб уу хачайданна.
Айаан Иванов, Дьокуускай куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа тупсарыыга салаатын салайааччы: «Күҥҥэ суолтан 1 тыһыынча кэриҥэ кууб ууну оботторобут. 20 массыына бу манна үлэлиир. Муус устар 4 күнүттэн уопсайа 12 тыһыынча кууб ууну оботтордубут».
Уокуруктарынан салайар хампаанньалар, ТСЖ-лар итиэннэ муниципальнай тэрилтэлэр күүстэринэн үлэ барар. Ордук элбэх сайаапка Сайсары, Строительнай, Автодорожнай, Промышленнай уокуруг олохтоохторуттан киирэр. "Жилкомсервис" тэритэлэ диспетчердэрэ тохтобула суох олохтоохтортон сайаапка ылалларын тэҥэ, быйылгы дьылтан уулуссаларга, ону тэҥэ управалар камераларын нөҥүө уопсай балаһыанньаны хонтуруоллуур кыахтаннылар.
Юрий Спиридонов, "Жилкомсервис" тэрилтэ дириэктэрэ: «Анал электроннай бырагыраама нөҥүө массыыналарбыт үлэлэрин хонтуруоллуубут. Быйыл суолга баар камералары көрөрү ситистибит. Онон ханна чалбах үөскүүрүн тута көрөбүт. Урут сайаапка хойутаан киирдэҕинэ холостуой риэйсэлэр баар буолааччылар, билигин ону суох оҥордубут».
Күннэтэ 20-чэ техникэ тахсар, хас биирдии массыына бэйэтэ маршруттаах буолар, үлэ үс симиэнэнэн тэриллэр. Сайсары оройуона хас саас ахсын саамай элбэх уулаах уокуруктартан биирдэстэрэ. Манна баар уулуссалар, дьиэлэр тиэргэннэрэ уунан көрөн тураллар. Урукку сыллардааҕар балаһыанньа суол-иис оҥоһуллан арыый тубуста эрээри, кыһалҕа син биир баар.
Олег Захаров, Сайсары уокуругун салалататын салайааччытын солбуйааччы: «Сайсары уокуругар ууну оботторууну күүскэ ыытабыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ уопсайа 9 тыһыынча куубу куоһардыбыт».
Суол-иис үлэһиттэрэ эмиэ быыстала суох үлэлииллэр. Буору-кумаҕы ыраастыыллар, суол кытыытынааҕы уу барар лотоктарын, турбалары паардаан бэлэмнииллэр. Оттон билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сааскы бадараан социальнай ситим нөҥүө көхтөөхтүк тарҕанар, ким саппыкытын бадарааҥҥа батыллыбытын лаппаакынан хостууллар, онтон ким суолга баар күөл буолбут чалбахха устар аалынан хатааһылыыр.