Сааскы кус быраабылатыгар уларыйыылар
Булт диэн баран муннукка ытаабыт Семен Петров сааскы куска тахсаары докумуоннарын эккирэтиһэ тустаах биэдэмистибэҕэ кэлбит. Сааскы булка көҥүл ылаары, кырдьаҕас кусчут анал былааҥканы толорор. Сотору кэминэн айылҕалыын алтыһарыттан үөрэр-көтөр.
Семён Петров, Дьокуускай куорат олохтооҕо: "Мэҥэ Хаҥаласка дьонум сиригэр барабын кустуу. Саха киһитэ бултаабатыҕына туга эрэ тиийбэт курдук буолар. Билигин быраабыла кытаатан турар, онон сэрэхтээхтик, бэрээдэктээхтик бултуур ордук. ".
Чахчы, кэлиҥҥи кэмҥэ сааһыттарга сокуон, ирдэбил кытаатта. Чуолаан сааҕа-саадахха. Онон билигин дурдаҕа барыах иннинэ үчүгэйдик саҥа сокуоннары ааҕан, үөрэтэр барар тоҕоостоох диэн инспиэктэрдэр тоһоҕолоон этэллэр. Саҥа уларыйыылары кытары бэрэбиэркэ кытаатта.
Николай Иванов, Росгвардия Саха сиринээҕи салататын лицензияны, көҥүлү биэрэр киин саа эргиирин хонтуроллуур салаа судаарыстыбыннай инспиэктэрэ, полиция подполковнига: "Үс ый устата элбэх бэрэбиэркэ барда. Ол курдук 13 тыһыынчаттан тахса сааны көрдүбүт. Ол түмүгэр 743 административнай буруйу кэһии таҕыста. Ол дьонтон 1300 тахса сааны уонна 15 тыһыынчаттан тахса ботуруону былдьаатыбыт. Бу барыта сааны харайыыга кэһииттэн таҕыста. Аны сааларын хаата суох илдьэ сылдьыы эмиэ административнай кэһии, онон хас биирдии булчут бэйэлэрин көрүнэн, быраабыланы тутуһалларын ыҥырабын".
Сааҕа-саадахха уларыйыылары кытары булт болдьоҕор эмиэ хамсааһыннар таҕыстылар. Ол курдук, мэҥиэ тыһы куһунан булт бу ый 25 саҕаланыа. Оттон маннык куһа суох болдьох киин улуустарга ыам ыйын 11 күнүттэн, Бүлүү бөлөхтөргө, арҕаа улуустарга ыам ыйын 14 күнүттэн. Хотуларга болдьох араас.
Анатолий Попов, СӨ экологияҕа министиэристибэтин булт уонна булт ресурсаларын харыстааһын департаменын кылаабынай исписэлииһэ: "Хоту улуустарга хааска диэн арахсыбакка биир кэлис болдьох буолла. Ити федеральнай сокуокка уларыйыы киирэн, биһиги эмиэ уларытарга күһэллибиппит".
Уларыйыы оннооҕор куһу ылыыга киирбит. Ол курдук, бааһырбыт куһу 300 миэтэрэ, оттон хааһы 500 миэтэрэ ыраахтан баран ылыахха сөп.