Дьокуускай куорат Үөрэҕириитин историятын музейын 30 сыла
30 сыл анараа өттүгэр киин куорат үөрэҕириитин ситимин сайдыытын кэрэһэлиир, ол саҕана бу салааҕа сэбиэдиссэйинэн олорбут Евгения Михайлова көҕүлээһининэн музей тэриллэр. 2009 сыллаахха музей Дьокуускайдааҕы Оҕо айымньытын дьиэтигэр туттарыллыбыта. Манна куорат бастакы үөрэх тэрилтэлэриттэн саҕалаан, бастакы салайаачылар, биллиилээх үөрэнээччилэр, ол кэминээҕи олох-дьаһах, кинигэлэр, үөрэх босуобуйаларын, бэлиэ тэрээһиннэр туһунан билсиэххэ сөп.
Андрей Новоприезжай, Дьокуускай куорат 20№-дээх орто оскуолатын дириэктэрэ: “Маннык музей баара олус үчүгэй. Үөрэҕирии дириҥ ис хоһоонноох, баай историялаах, үгүч учууталы уонна учуонайы иитэн таһаарбыт”.
Музей үбүлүөйдээҕи бэлиэ күнүгэр үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэрэ, салайааччылара, учууталлар, оскуола дириэктэрдэрэ, бэтэрээннэр кэлэн кытыннылар. Кинилэр куорат үөрэҕириитин эйгэтигэр баар ситиһиилэри, бастыҥ педагогтар ааттарын үйэтитиигэ, маны тэҥэ кэлэр көлүөнэни духуобунай, патриотическай иитиигэ музей сүҥкэн суолтатын бэлиэтээтилэр. Үөрэҕирии историятын кэрэһэлиир музей сотору-сотору араас экспозициялары туруорар, онон манна ким баҕалаах итиэннэ Дьокуускай үөрэхтээһинин сайдыытын туһунан билсиэн баҕалаах кэлиэн сөп.
Иван Кондаков, үөрэҕирии эйгэтин бэтэрээнэ: “Дьиҥэ маннык музейдар хас улуус аайы тэриллэн, үлэлииллэрэ буоллар, суолта биэрэллэрэ буоллар. Биһиги олохпут үөрэхтэн, дьиэ кэргэнтэн тутулуктааҕын саҥа өйдөөн эрэр курдукпут. Быйыл Оҕо саас уонна Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ биһиэхэ, дьиэ кэргэни кытта быһаччы үлэлии сылдьар дьоҥҥо олус диэн үөрүүлээх”.
Түмэл аҥаардас эскозициялары, быыстапкалары туруоруунан эрэ муҥурдаммат. Манна уопуттаах педагогтар учууталларга анаан идэ таһымын үрдэтэр куурустары тэрийэн ыыталлар. Ону тэҥэ үлэлии сылдьар үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэрэ музейтан туһааннаах литератураны булан бэйэлэригэр туһаныахтарын сөп. Сылга ортотунан манна икки тыһыынча кэриҥэ киһи сылдьар. Түмэл Дьокуускайдааҕы Оҕо айымньытын дьиэтин 3 этээһигэр дьиэлэнэн олорор.
Анисья Иванова, Дьокуускай куорат үөрэҕириитин историятын музейын дириэктэрэ: “Саҥа виртуальнай-интерактивнай музей оҥоруохпутун баҕарабыт. Холобура, оскуолалар экспозициялара быстах кэмҥэ тураллар, уларыйан иһэллэр. Ол бэриллибит матырыйааллары виртуальнайга көһөрүөхтээхпит”.
Үбүлүөйдээҕи тэрээһин чэрчитинэн “История города - в истории школы” диэн научнай-практическай конференция буолла. Хас биирдии оскуола историята куорат үөрэҕиритиин баайа буолар. Түмүккэ, бастыҥ үлэһиттэргэ наҕараадалары, махтал суруктары, үбүлүөйнэй бэлиэлэри туттардылар.