"Азия оҕолорун” көрсө дьиэлэр тас өттүлэрин өрөмүөнэ саҕаланна

80

Дьокуускай кэлэр сайын ыалдьыттары көрсөөрү бэлэмнэнэр. Киин куоракка уопсайа 54 элбэх этээстээх дьиэ уонна 6 социальнай эбийиэк тас өттө өрөмүөннэнэрэ күүтүллэр.

Дьиэ тас көстүүтүн өрөмүөннүүр, тупсарар үлэһиттэр сарсыарда аҕыстан киэһээ аҕыска диэри тэтимнэрин быспакка эрэ үлэлииллэр. Абдулхошим Махминов бу курдук үлэлэргэ сылдьыбыта 14-тэн тахса сыл буолбут. Онон санныгар үгүс уопуттаах маастар этэринэн эбийиэктэрин туруоруллубут былаантан эрдэ туттарар кыахтаахтар. Төһө кыалларынан түргэн тэтимнээхтик үлэлии сатыыллар. Куорат тупсарын туһугар кыһаллаллар

Абдулхошим Махминов, маастар: “Куорат тупсаҕай көрүҥнээх буоларын инниттэн түргэн тэтимнээхтик үлэлиибит. Үлэлии сылдьарбытын көрөн олохтоохтор махтаналлар. Өрөмүөннүү сылдьар дьиэлэрбит туруктара куһаҕана суох, онон үлэлииргэ улахан уустуктары көрсүбэппит. Эрдэ бүтэрэргэ кыһаллабыт”.

Өрөмүөн үлэлэрэ куорат киинигэр Ленин проспегыгар бара тураллар. Маны таһынан Можайского уонна Короленко уулуссаларга эмиэ ыытыллыахтаахтар. Олохтоохтор өрөмүөн үлэлэрэ бара туралларын көрөн үөрүүлэрэ үгүс. Куорат кэнники кэмҥэ харахха быраҕыллар гына лаппа тупсан эрэр диэн санааларын үллэстэллэр.

“Эргэ дьиэлэр саҥардыллыбыттарын көрөн киһи хараҕа үөрэр”.

“Барыларын тэҥ көрүҥнээх гына оҥороллоро буоллар олус үчүгэй буолуо этэ”.

“Күүлэйдии сылдьан куораппыт тупсан эрэрин көрөн үөрэбит”.

Маныаха СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников үлэ хаамыытын тиийэн илэ көрдө. Бэдэрээччит тэрилтэлэр номнуо быһаарылыннылар, үлэлэр кэмигэр бара тураллар, тустаах матырыйааллар барыта эбийиэктэргэ тиийэн тураллар. Бу туһунан Дмитрий Садовников кэрийэн көрүү түмүгэр бэлиэтээтэ.

Дмитрий Садовников, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы: “Ыалдьыттар сылдьар уулуссаларыгар турар дьиэлэри бастаан үлэҕэ киллэриҥ диэн буолбута. Ол үлэж хайдах бара турарын көрө сылдьабыт”.

Сотору кэминэн дьиэлэр фасадтара өрөмүөннэннэхтэринэ барыта биир архитектурнай истииллэниэхтэрэ. Ол эрэн хайа баҕар үлэ күчүмэҕэйдэрдээх буолар.