Сайсары күөл тулатын ыраастаатылар
Экология министиэристибэтэ сылын аайы тэрийэр тэрээһинигэр быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх киһи муһунна. Сайсары күөлү хомуйа 79-с выпуск быйыл бастакытын кэллэ. Кинилэр өрөспүүбүлүкэҕэ араас муннуктарыттан оскуолаларын 1979 сыллаахха бүтэрбит оҕолор буолаллар. Куорат туругун тупсарыыга, бөҕү хомуйууга бэйэлэрин улахан кылааттарын уураллар.
Мария Ховрова, Дьокуускай куорат олохтооҕо: «1979 сыллаах выпуск аатыттан Сайсары күөлү ыраастааһыҥҥа 12 оҕо буолан кэллибит».
Зинаида Кириллина, Дьокуускай куорат олохтооҕо: «Бу күөл кытыытыгар дьон сынньанар сирэ үгүс, туризм да хайысхата сайдар. Ол иһин Сайсары ырааһырарыгар биһиги эмиэ илиибит сылааһын иҥэрэр санаалаахпыт».
Маны кытары субуотунньукка эколог устудьуоннар, учууталлар хаапыдыранан кэлэн көхтөөх кыттыыны ылаллар. Эдэр устудьуоннар дойду инники күөх, ыраас кэскилэ кинилэргэ сытарын өйдөөн туран түмүстүлэр. Быйыл күөлү хомуйууга куорат Саха политехническай лиссиэйэ уонна 31-с нүөмэрдээх оскуолалара кэллилэр.
Алиса Огоюкина, Саха политехническай лиссиэй 10-с кылааһын үөрэнээччитэ: «Биһиги оскуолабыт Сайсары күөл үрдүгэр турар буолан ыраастааһыҥҥа хайаан да көмөлөһөбүт. Ыччаттары айылҕаны ыраастыырга ыҥырабын, куораппыт ыраас, кыраһыабай буоллун».
Милена уонна Милана диэн оскуола алын сүһүөҕүн үөрэнээччилэрэ улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьан, куруук тэҥҥэ бөх хомуйсаллар. Кыраларыттан күөллэрбит, тыаларбыт ыраас буолуохтаахтар диэн санаанан салайтараллар.
Милена Гуринова, Дьокуускай куорат олохтооҕо: «Биһиги улахан дьону кытта тэҥҥэ субуотунньукка кытта сылдьабыт. Былырыын “Речной отряд” диэн бэйэбит хамаандабытын тэриммиппит».
Экология министиэристэбэтэ ыытар "Отходы в доходы" диэн тэрээһинэ быйылгы сылга дойду бэрэсэдьиэнэ туруорбут "Экология" национальнай бырайыак иһинэн ыытылынна. Айылҕаҕа буортуну аҕалбат бөҕү-саҕы саҥаттан сөргүтэн туһаҕа таһаарыы боппуруоһа сытыытык турар. Биллэн турар, саамай улахан кылааты манна хас биирдии киһи бэйэтэ уурар.
Ньургуйаана Гуринова, СӨ экология министиэристибэтин сүрүн исписэлииһэ: «Сир күнүн чэрчитинэн “Отходы в доходы” диэн кэмпириэнсийэбит буолан ааста. Манна оҕолор, устудьуоннар уонна учуонайдар кыттыыны ыллылар. “Айылҕа уонна мин” диэн аахсыйа чэрчитинэн элбэх тэрээһиннэр барыахтара. Саха сирин олохтоохторун буолар тэрээһиннэргэ кыттыҥ диэн ыҥырабын. Бары айылҕабыт ыраас буоларыгар кыһаллыаҕыҥ».
Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр сытар Сайсары күөлү хомуйууга уопсайа 200 тахса киһи кыттыыны ылла. Күөл кытыыта номнуо ирэн, киһи илиитэ тиийбэт сирин кыраабылынан хомуйдулар. Мантан ыла киин куоракка бөх хомуйуу нэдиэлэ аайы ыытыллыа.