“Дыгын оонньууларыгар” таас ыйааһына ыарыа
"Дыгын оонньууларын" 2022 сыллаах кыайыылааҕа Алексей Уваровскай хапсаҕайга Мэҥэ Хаҥалас улууһун бөҕөһүттэн Давыд Колесовтан хотторон 2 миэстэҕэ тигистэ. Өрүүтүн буоларын курдук дьонун-сэргэтин сэргэхситэн, ыалдьааччыларын ытыһын тыаһыгар уйдаран бастыҥ киирсиини көрдөрдө.
Ол да буоллар бүтэһик сүүмэрдиир күрэххэ ситиһиилээхтик киирсэн, муҥутуур кыайыылаах буолла. Уонна аны сайын буолуохтаах "Дыгын оонньууларыгар" Кэбээйи улууһун аатын көмүскүөҕэ.
Алексей Уваровскай, "Дыгын оонньуулара" күрэхтэһии сүүмэрдиир түһүмэҕин кыайыылааҕа: "Саамай сүрүнэ эчэйиитэ суох тиийиэхпин наада. Өссө төгүл эчэйиилэрбин көрүнүөм. Сүүмэрдиир күрэххэ туорх баар баарбын барытын ууран туран кииристим. Көрдөрүү куһаҕана суох, ол эрэн дьарыгым ситэтэ суох эрээри “Дыгын оонньууларыгар” кыттар баҕаттан”.
Онтон өссө биир чаҕылхай киирсиини көрдөрөн, быйылгы күрэхтэһии бүтэһик путевкатын Үөһээ Бүлүү спортсмена Владимир Шологонов ылары ситистэ. Кини иллэрээ сыл "Дыгын оонньууларыгар" кытта сылдьыбыта. Биир сыл көтүтэн баран быйылгы күрэххэ эмиэ кыттар кыаҕы ылла. Аны мантан ыла кинини күүстээх дьарык күүтэр.
Владимир Шологонов, "Дыгын оонньуулара" күрэхтэһии сүүмэрдиир түһүмэҕин кыайыылааҕа: "Икки күн устата күүстээх киирсиилэр буоллулар. Сорох көрүҥнэргэ туруоруммут сыалбын ситистим, онтон сорох көрдөрүүлэрбэр тиийбэтим. Дыгыҥҥа диэри билигин элбэх үлэ, эрчиллии күүтэр. Сүүмэрдиир күрэх үчүгэйдик ааста. Ким да эчэйии ылбата".
Өбүгэ оонньууларын оройуттан өрө туппут 27 боотур кэлэн, аны сайын буолуохтаах "Дыгын оонньууларыгар" путевка иһин кииристилэр. Быйыл уопсайа 3 сүүмэрдиир күрэхтэһии буолла, хаһааҥҥытааҕар да элбэх саҥа холонооччу баар диэн тэрийээччилэр этэллэр. Аны сайын Туймаада ыһыаҕын сүрүн күрэхтэһиитигэр 12 бастыҥ саха төрүт көрүҥүн спортсмена түһүлгэни киэргэтиэхтэрэ.
Эдуард Ефимов, Дьокуускай куорат спорт салалтатын салайааччыта: "Быйыл тааһы улаатыннарабыт. Онон билигин таас көрдүү сылдьабыт. Онтон бу күрэхтэһиигэ 125 киилэлээх куулу көтөхтүлэр. “Дыгын оонньууларын” инники тааһын музейга туттарыахпыт. Оҕунан ытыыга эмиэ уларыйыы киириэ".
Сотору кэминэн спорт хамыыһыйата быһаарыы ылыннаҕына "Дыгын оонньууларын" улахан дьоҥҥо эрэ буолбакка оҕолорго эмиэ ыытар буолуохтара. Саха кэнчээри кэлэр ыччатыгар төрүт спорт көрүҥнэригэр тапталы иҥэрии, дьарыктанааччы ахсаанын элбэтии сүрүн соругунан буолуоҕа.