"Чэгиэн эйгэ" эйгэ бырайыак үүнэр көлүөнэни чөл буолууга үөрэтэр
Төлөпүөнү, уопсайынан, аныгылыы эттэххэ, гаджеты олус уһуннук көрөр буоллахха доруобуйаҥ эрэ айгыраабат, дьиэ кэргэҥҥин кытта сыһыанын эмиэ алдьанар кутталлаах. Бу туһунан чөл буолуу киинин быраастара оҕолорго лиэксийэ аахтылар. Кырачааннар тута өйдөөтүннэр, кинилэргэ интэриэһинэй буоллун диэн дьэрэкээн хартыыналарынан холобурдаах.
Оҕолор төлөпүөн буортутун ойуулукка ордук сэҥээрэн көрдүлэр. "Чэгиэн эйгэ" бырайыак тэрээһинигэр бу сырыыга Дьокуускай 21 нүөмэрдээх оскуола кыттар. Чөл буолуу суолталааҕын өйдөөн, лиэксийэҕэ оннооҕор дьиэ кэргэнинэн кэлбиттэр. Яна Трофимова кыыһынаан Викалыын уонна кини кылааһын кытта туһалаахтык бириэмэлэрин атаараллар.
Яна Трофимова, төрөппүт: "Алын уонна орто сүһүөх оҕолоругар аналлаах үөрэтэр сыаллаах олус үчүгэй тэрээһин буолла. Оҕо бэйэтигэр сыана быһарыгар, бэйэтин тастан көрүнэригэр олус туһалаах кэпсэтии буолла".
"Чэгиэн эйгэ" диэн доруобуйа харыстабылын, Чөл буолуу киинин уонна Смарт бибилиотека холбоһуктаах бырайыага. Дьиэ кэргэн, Оҕо саас сылыгар туһуланар бырагыраама бу сыл тохсунньутуттан үлэлиир. Маннык нэдиэлэҕэ биирдэ оскуола оҕолоругар араас хабааннаах тэрээһиннэри ыыталлар. Суол быраабылаларын туһунан кэпэстиигэ оҕолор үрдүк бэлэмнэрин көрдөрдүлэр.
Владлена Охлопкова, Дьокуускай суол-иис иниспиэксийэтин пропагандаҕа салаатын иниспиэктэрэ: "Суолга-иискэ куттал суох буолуутун өттүттэн оҕолорго суол бырыыбылатын тутуһуҥ диэн уонна умнубут буоллахтарына санатан биэрээһин. Таһырдьа сылыйан бэлэсипиэттээх оҕолор элбээтилэр. Ол быраабылатын санатыы үлэтин ыыттыбыт".
Сыл саҕаланыаҕыттан оҕо кыттыылаах 25 суол быһылаана тахсыбыт. Манна 26 кырачаан араас эчэйиини ылбыт. 15 сатыы сылдьар оҕону түҥнэри көппүттэр. Онон суол быраабылатын санатыы, сайыҥҥы сынньалаҥҥа тарҕаһыах иннинэ тоҕоостоох. Сырыы аайы ыҥырыылаах исписэлиистэр уларыйан иһэллэр. Холобура, кэлэр көрсүһүүгэ чэбэрдик тутта-хапта сылдьыы туһунан Тулагы оскуолатын оҕолоругар кэпсиэхтэрэ.
Варвара Попова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи чөл буолуу киинин методист бырааһа: "Чөл туруктаах буолууну сэрэтэр үлэ ыытабыт. Сөпкө аһааһын, доруобуйаны көрүнүү туһунан үөрэтэбит. Быйыл тохсунньуттан барыта 57 тэрээһини ыыттыбыт".
Бырайыак киин куораты эрэ буолбакка улуустары эмиэ хабар, күн бүгүн Нам уонна Хаҥалас улуустарыгар сырыттылар. Маны сэргэ оҕолор биир саамай сэҥээрэр уонна туһалаах тэрээһиннэрэ маҥнайгы көмөнү оҥоруу диэн бырайыак тэрийээччилэрэ этэллэр.