Сервис техникума каадыры бэлэмнээһиҥҥэ биир бастыҥ үөрэх кыһата
Чурапчы улууһуттан төрүттээх Айыына Барбасытова техникум 4 кууруһун устудьуона, быйыл үөрэҕин бүтэрэн повар-кондитер идэтин баһылыаҕа. Айыына бу күннэргэ "Дельфийские игры" кулинарнай искусство күрэҕэр кыттарга бэлэмнэнэр. Айыына оҕо эрдэхпиттэн себүлүүр идэбин талан үөрэнэ сылдьарбыттан астынабын диэн этэр.
Айыына Барбасытова, Дьокуускайдааҕы сервис технологическай техникумун устудьуона: "Сарсыардаттан үөрэнэбит, онтон быраактыка чааһыгар киирэбит".
Быйыл Дьокуускайдааҕы сервис технологическай техникумун повар-кондитер салаатын 7 оҕо бүтэрэр. Устудьуоннар түмүктүүр экаменнарын туттарарга бэлэмнэнэ сылдьаллар. Аан дойду ирдэбилигэр олоҕуран тымныы, итии ас, десерт бүлүүдэлэри астаан көрдөрүөхтээхтэр. Кинилэри рестораннартан экспердэр кэлэн сыаналыыллар, онон долгуйуу улахан. Сыахтарыгар туһааннах тэрилинэн хааччыллыы үрдүк таһымнҥа турар.
Зоя Готовцева, Дьокуускайдааҕы сервис технологическай техникумун оҥорон таһаарыы үөрэҕэр маастара: "Повардары, кондитердары үөрэтэр уонна маастар -кылаастары ыытар анал кииннээхпит. Манна ону таһынан араас куурустар ыытыллаллар, хас субуота ахсын оскуола оҕолоро кэлэн технология уруогар үөрэнэллэр".
Маны тэҥэ идэ таһымын үрдэтиигэ анаммыт куурустары эмиэ тэрийэн ыыталлар. Техникум бочуоттаах выпускнига Иннокентий Тарбахов быйыл эмиэ техникуму тэҥэ үбүлүөйдүүр сыла. Иннокентий Иннокентьевич өрүү устудуьоннарга кэлэн маастар-кылаастары ыытар, баай уопутун өрүү үллэстэр. Повар-кондитердар үөрэхтэрин бүтэриэхтэрин инниттэн үлэнэн 100% хааччыллаллар. Техникумҥа уонтан тахса араас идэлэргэ уһуйаллар. Абый улууһуттан төрүттэх Евдокия Корякина парикмахер үөрэҕин быйыл эмиэ бүтэрэр сыла. Курсовой үлэтигэр этническэй уобараска индеец төбөҕө кэтэр киэргэлин талан бэлэмнээбит.
Евдокия Корякина, Дьокуускайдааҕы сервис технологическай техникумун устудьуона:"Бу оҥоһукпар мин улар кутуругун тутуннум. Маны тэҥэ саһыл уонна андаатар түүтүнэн киэргэттим. Эһэм булчут этэ. Киниттэн хаалбыт түүлэри тутуннум".
Парикмахер идэтин быйыл 15 устудьуон бүтэрэр. Оҕолор эмиэ тиһэх практическай экзаменнарыгар бэлэмнэнэнэн түбүгүрэллэр. Манна повардары, парикмахердары тэҥэ, технологтар, рестораннай сервис, туризм, коммерция, иис эйгэтин үлэһиттэрин бэлэмнииллэр. Устудьуоннар аан дойду, россия, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэргэ өрүү ситиһиилээхтик кытталлар.
Кристина Григорьева, Дьокуускайдааҕы сервис технологическай техникумун устудьуона: “Бу сотрутааҕыта “Айар уустар” колледж тэрийэн ыыппыт “Профессионалы” диэн күрэҕэр иккис миэстэ буолбутум. Онно эскиз оҥорбуппут уонна болдьоммут кэм иһигэр сэлиэчик тикпиппит”.
Техникумҥа 9 кылаас кэннэ туттарсан киириэххэ сөп, сыллата бу хайысхаҕа интэриэс улаатан иһэр буолан куонкурус үрдүк, онтон бүтэрбиттэрин кэннэ үлэнэн хааччыллыылара эмиэ үрдүк көрдөрүүлээх.