Нейрогимнастика дьарыга көй салгыҥҥа ыытыллан саҕалаата
Дьокуускайга сарсыардааҥы сэрээккэ саҥа сүүрээнэ - нейрогимнастика. Муус устар ыйтан саҕаланан үгүс дьон болҕомтотун тарта. Киһи өйө-санаата, уопсай туруга даҕаны тупсарыгар бэрт табыгастаах көрүҥ.
Иван Замятин, Дьокуускайдааҕы психотерапевтическай киин сэбиэдиссэйэ: «Нейрогимнастика сүрүн сыала-соруга – дьон өйүн-санаатын, мэйии үлэтин чэбдигирдэр, умнуган буолууну эмтиир».
Алтана Алексеева хамсык ыарыытын кэннэ олус умнуган буолбут. Ардыгар дьиэтиттэн тахсан баран бэйэтин массыынатын кыайан булбат буолуор диэри мунар-тэнэр эбит. Өйүн чэбдигирдэр баҕа санааттан интернет ситимигэр нейрогимнастика дьарыктарын көрөн үөрэммит. Кэнники кэминэн өйүн туруга уруккутугар төннүбүт. Ол кэннэ бу ый саҥатыттан бэйэтэ сибиэһэй салгыҥҥа дьарыктары ыытан саҕалаабыт.
Алтана Алексеева, психотерапевт быраас: «Куйаар ситимиттэн көрөн оҥорор саҕалаабытым. Умнуганым ааспыта, чөлбөр түспүтүм. Ол кэннэ бэйэм курдук кыһалҕалаахтарга көмөлөһөргө сананным».
Дьарык хаамыылара, эрчиллиилэрэ хас дьарык ахсын уларыйаллар, саҥаттан-саҥа хамсааныылары үөрэтэр кэлбит дьоҥҥо бэрт интэриэһинэй.
Иван Замятин, Дьокуускайдааҕы психотерапевтическай киин сэбиэдиссэйэ: «Саҥаттан саҥа эрчиллиилэри эбэн иһэллэр. Бу түмүгэр киһи мэйиитигэр саҥа нейроннай сибээстэр үөскүүллэр, киһи мэйиитэ сайдан эрчимирэн биэрэн иһэр».
Төһөнөн элбэх нейроннай сибээс киһи төбөтүгэр баар даҕаны оччонон киһи мэйиитин үлэтэ күүстээх буолар. Бу дьарыктар муус устар ыйтан саҥа саҕаланнылар. Төһө даҕаны саха дьонугар сонун көрүҥ буолбутун иһин номнуо үгүс дьон болҕомтотун ылла. Баҕалаахтарга аан куруук аһаҕас.