Үлэ харыстабылын бастыҥ үлэһитин быһаарар күрэх ыытыллар
Дьалаҕай хамсаныыны оҥорон, холуодьас түгэҕэр киһи охтубутун көрөн үлэ харыстабылын үлэһиттэрэ түргэн тэтимнээхтик хостоотулар. Дьолго, дьиҥнээх түбэлтэ буолбатах, тустаах үлэһиттэргэ анал үөрэх. Олоххо буолуон сөптөөх түбэлтэлэри ойуулаан күрэхтэстилэр.
Альберт Тимофеев, үөрэтэр маастар: "Хас биирдии тэрилтэҕэ үлэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар исписэлиис тутаах үлэһит. Кинилэр таһымнарын үрдэтэр сыалтан маннык тэрээһини оҥордубут. Биһиги полигоммутугар араас таһымнаах үөрэхтэри ыытыахха сөп".
Кыттааччылар иккилии буолан хаамандаларга үллэстэн кииристилэр. Күүстээх былчыҥы, түргэн-тарҕан хамсаныылары эрэйэр күрэххэ эр дьон эрэ буолбакка кэрэ аҥардар эмиэ кыттыыны ыллылар. Холобур, Айыына Герасимова Дьокуускай 3-с нүөмэрдээх "Катюша" уһуйаан үлэһитэ. Бэрт сэргэх уонна туһалаах тэрээһиҥҥэ кытта сылдьабын диэн санаатын үллэһиннэ.
Айыына Герасимова, Дьокуускай куорат 3№ - дээх "Катюша" уһуйаан үлэһитэ: "Маннык тэрээһиннэр олус туһалаахтар. Сыл аайы ыытыллара наадалаах. Үлэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар исписэлиис таһымын үрдэтиигэ саамай туһалаах тэрээһин".
Владимир Лопатин инбэлииттэр доруобуйаларын чэбдигирдэр кииҥҥэ үлэлээбитэ 5-тэн тахса сыл буолбут. Сүрүннээн үлэһиттэр дэҥтэн сэрэхтээхтик тутталларын хонтуруоллуур уонна докумуон үлэлэрин толорор. Күрэххэ билиибин хас да бүк хаҥаттым уонна илэ эппинэн-хааммынан холонон көрдүм диэн бигэргэттэ. Кыттыыны ылбытыттан кэмсиммэт.
Владимир Лопатин, СӨ инбэлииттэр доруобуйаларын чэбдигирдэр киин үлэһитэ: "Элбэҕи биллибит, көрдүбүт. Бэйэбит үлжһиттэрбитин үөрэтэргэ улахан көмө буолуо".
Кыттааччы сэрэхтээх туттууну-хаптыыны тутуспакка кыра даҕаны дьалаҕай хамсаныыны оҥорор түгэнигэр үөһэттэн охтон эчэйэр кутталлаах. Ол иһин үөһээҥҥи үлэлэр сэрэхтээхтик ааһалларын ирдиир быраабылалары хайаан даҕаны тутуһаллар, инструктор хас биирдии тылын барытын кичэйэн истэллэр.
Омос көрдөххө, үөһэттэн охтор куттал баар курдук эрээри, хас биирдии кыттааччы анал 130 киилэҕэ тиийэ уйар быалаах уонна каскалаах. Онон дэҥтэн сэрэхтээх буолуу туох баар тиэхиникэтэ барыта тутуһуллар.
Тэрээһин тиһэҕэр кыттааччылар 3 этээстээх дьиэ сарайын саҕа үрдүктэн быа көмөтүнэн түһүүгэ холоннуллар. Төһө даҕаны долгуйбуттарын уонна куттаммыттарын иһин туора туран хаалбакка бары түстүлэр. Маны таһынан хайа баҕар бэлэмэ суох киһи ыксалга үөһэттэн түһэригэр сөптөөх "Самоспас" диэн тэрили ыттааччыларга көрдөрдүлэр, көҕүлээтилэр.
Бу курдук күрэхтэр сыл ахсын ыытыллаллар. Бу барыта ыксаллаах түбэлтэ тахсар түгэнигэр хардыыны барытын эрдэттэн былааннаахтык ыытан үлэлииргэ тиэрдэр.