Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрэ
Сабыс-саҥа уораҕайга олох тохтоон турбат. Манна күннэтэ араас тэрээһин ыытыллар. Сынньалаҥ саалатыгар кырдьаҕастар тула мустан, олоххо буолбут араас түбэлтэлэрин биирдиилээн кэпсииллэр. Бу дьиэ саамай көхтөөх олохтооҕо Мария Бочонина манна киирбитэ 2-с сылыгар барда. Өр кэмҥэ учууталынан үлэлээбит буолан, дьону түмэр, көҕү олохтуур тутаах киһи.
Мария Бочонина, Өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрин олохтооҕо: "Сарсыардаттан киэһэ 9 чааска диэри күммүт наарданан олоробут. Эмиэ бэйэбит туспутугар солобут суох курдук. Барыта бииртэн биир баран иһэр. Бу иннинэ мас дьиэҕэ олорбуппут. Ол эрэн аата эрэ мас этэ. Син биир олус табыгастаах усулуобуйаҕа олорбуппут".
Астара нэдиэлэнэн наарданан турар. Күҥҥэ 5 аһыыллар. Онтон атын бириэмэлэрин уруһуйга, иискэ, уһанарга ыыталлар. Аҕам саатаахтар чөл, уһун үйэлээх буолалларыгар мэйиилэрэ, эттэрэ-сииннэрэ куруук үлэлии сылдьыахтаах. Кырдьаҕастар кииннэригэр саамай аҕалара 92 саастаах Чурапчыттан төрүттээх Егор Феофанов буолар.
Егор Михайлович бу дьиэҕэ урут чемпионнуу сылдьыбыт мэтээллэрин, кыайыыларын барытын илдьэ сылдьар. Биир дойдулаахтара ахталларынан, сүүрүүк бэрдэ, оройуон күүстээх спортсмена эбит. Ол да иһин ону эдэр көрүҥэ туоһулуур. Бу дьиэҕэ олорбута 6-с сыл буолла.
Егор Феофанов, Өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрин олохтооҕо: "Бу бэртээхэй уораҕайбыт үлэҕэ киирэн туох да сүргэбит көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн үйэбит уһаан олорор. Биһиэхэ күн аайы “Холумтан” диэн култуурунай дьарыктар ыытыллаллар. Арааһынай кэнсиэрдэр, бэсиэдэлэр буолаллар. Мария Васильевна Матвеева диэн наһаа үчүгэй тэрийээччилээхпит. Кини ханнык да бырааһынньыгы, үбүлүөйү көтүппэккэ ыытар".
Бу дьиэҕэ уопсайа үс салаа баар. Милосердие, долголетие уонна передышка диэн. Аһымал уонна уһун үйэлэнии салааларыгар көрүүтэ-истиитэ суох кырдьаҕастар кырдьар саастарын манна атаараллар, оттон сынньалаҥ салаатыгар быстах кэмҥэ киирэн доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэр. Олохтоохтор бэлиэтииллэринэн, манна хас биирдии киһиэхэ төрөппүт дьонноругар курдук истиҥ сыһыаннаахтар. Барыларын кытта кэккэ исписэлиистэр, чуолаан уйулҕа үлэһиттэрэ үлэлэһэллэр.
Григорий Замятин, Өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрин хаһаайыстыба салаатын салайааччыта: "Хаамар кыаҕа суох сытар дьон “Милосердие” салааҕа, оттон “Долголетиеҕа” бэйэлэрин кыанар дьон олороллор, “Передышкаҕа” 28 күҥҥэ олорон эмтэнэн тахсаллар".
Эти-хааны эрчийэр, доруобуйаны тупсарар спорт саалатыгар аҕам саастаах кырдьаҕастарбыт күннэтэ, сарсыарда аайы кэлэн сэрээккэлииллэр, эттэрин-хааннарын сайыннараллар. Онон, бу кырдьаҕастар кииннэригэр доруобуйаны, сүһүөх үлэтин тупсарарга туох баар бары усулуобуйа барыта тэриллибит.