Дьокуускай чалбахтарын камера нөҥүө көрөн оботтороллор
Саас кэлбитин сыллата биллэрэр Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулусса эмиэ дэхситэ суох, оллурдаах-боллурдаах, ууннан, бадараанынан тэлгэнэн элбэх суоппар хара көлөһөнүн тоҕор, сэниэтин-сылбатын барыыр кэмэ. Массыына айгырыыр, суоппар муҥу көрөр.
Бу эҥэр сатыы киһи мээнэ сылдьыбат сирэ. Олохтоох дьон хаһан чалбах уоларын, бадараан сүтэрин күүтэллэр. Сыллата буолар көстүүгэ мээнэ аахайбат да буолбуттар.
Дьокуускай куоракка хас сылын ахсын сааскы уулларыы кэнниттэн чалбахтар тахсаллар, бадарааннар үөскүүллэр, суол алдьанар. Ону ол диэбэккэ массыына сырыыта аҕыйаабат. Сатыы сылдьааччылар кыһалҕаттан сылтаан бадараанынан хаамарга күһэллэллэр.
Сааскы кэм кыһарыйар кыһалҕата, быһаарыллыбат муҥа - чалбах. Төһөлөөх элбэх сатыы сылдьар дьону, тимир көлөлөөхтөрү муҥнаабыта, сордообута ааҕыллан да ситиллибэт. Киин куорат олохтоохторо бу маны барытын эттэринэн-сииннэринэн билбит, сыллата эрэйи көрөр тыын боппуруостара. Олохтоох дьон быйылгы да сааскы уулларыы инники сыллардааҕар хаалсыбат дэһэллэр.
«Отто син үлэлээтилэр быһыылаах, ол эрэн бу куорат таһа син биир. Биһиги дьиэбит таһа барыта муус. Хатыыскалыыр сир курдук, ол иһин бу маннык сылдьабыт».
«Бастатан туран күн-дьыл туругуттан син биир улахан тутулуктаахпыт, эрдэ маннааҕар куһаҕан этэ».
Онтон бу Бүлүүлүүр суол Базовай быстах туоруур уулуссатын хомолтолоох көстүүтэ. Эмиэ сатыы киһи мээнэ сылдьыбат сирэ буолан турар. Манна эбиитин улахан чалбахтар үөскээннэр "Жилкомсервис" тэрилтэ үлэһиттэрэ күннэтэ ууну оботторуу үлэтин түбүгэр сылдьаллар. Киин куоракка күннэтэ тыһыынчаттан тахса кубометр ууну оботтороллор.
Юрий Спиридонов, "Жилкомсервис" тэрилтэ дириэктэрэ: «Билигин биһиги хаар уутун суолтан хачайдыы сылдьабыт. Күн аайы 17-18 массыына ортотунан үлэҕэ тахсар. Хас биирдии көлө бэйэтэ туспа хайысхалаах буолар, 3 симиэнэн үлэлиибит. Кэккэ сылларга биһиги гланасс диэн бырагырааманан үлэлиибит. Ол аата массыына ханна үлэлии сылдьарын барытын эрдэттэн электроннай маршрут оҥорон хонтуруоллуубут».
Быйылгыттан саҕалаан саҥа сүүрээн киирэн, киин куорат уулуссаларын камераларыгар быһа холбонон, диспетчердар киин куоракка суол-иис туругун, чалбах ханна үөскээбитин, хас, ханнык массыына сылдьарын барытын монитор нөҥүө кэтээн, манаан олороллор. Онон үлэ таһыма үрдээн, түргэтээн, хаачыстыба да тупсубут.
Гермаген Сибиряков, "Жилкомсервис" тэрилтэ сүрүн механига: «Бу камераларынан уулууссалары көрөбүт. Онон диспетчербыт ханна чалбах баарын көрөн, тута массыыналары онно оботторо ыытар. Маннык бырагыраамаҕа холбоммуппут улахан көмөтө диэн барытын тута көрөбүт. Бүгүҥҥү күннээххэ туох хайдаҕын. Эрдэ барытын бэйэбит сылдьаммыт, уулуссалары илэ харахпытынан көрөр эбит буоллахпытына, билигин барытын толору камеранан көрөбүт».
Чалбах уутун оботторуу "Жилкомсервис" тэрилтэ хас саас аайы ыытар үлэтэ. Онон чалбах өрүүтүн үөскүүр сирин билэллэр. Ону таһынан нэһилиэнньэттэн сайаапка хомуйан, социальнай ситимнэри кэтээн, күннэтэ үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Сааскы уулларыы содулун туоратарга, тимир көлөлөөх да, сатыы да дьон табыгастаахтык сылдьалларыгар дьулуһаллар.