Росгвардия салалтата Дьокуускайга ахсыс кылааһын арыйда

107

Дойду өрөгөйүн ырыата тыаһаан, Николай Шарин аатын сүгэр Дьокуускай куорат 39-с №дээх оскуолатыгар "Гвардейская смена" диэн ааттанан Росгвардия байыаннай-патриотическай кылааһа арыллыытын сиэрэ-туома саҕаланар. Бу кылааһы арыйарга анаан-минээн Илин байыаннай уокурук салайааччытын солбуйааччы, генерал-майор Михаил Романов киин куоракка көтөн кэлбит.

Кырачааннарга алгыс, эҕэрдэ тыллары этэ анал байыаннай дьайыыттан кэлбит байыастар, бэтэрээннэр уонна биллэн турар,  Росгвардия анал этэрээтэ СОБР -дар бу күн кэлбиттэр.

Гаврил Кононов, СОБР этэрээтин хамандыыра, полиция полковнига: “Бу кылаас оҕолорун СОБР этэрээттэрэ, бэйэбит Росгвардия идэлэригэр дьарыктыахпыт”.

Чахчы, саҥа арыллыбыт Росгвардия кылааһын СОБР-дар кынаттарын анныгар илдьэ сылдьыахтара, оҕолор  үөрэхтэри ааһыахтара, анал этэрээт үлэтин иһиттэн билиэхтэрэ. Онон оҕолор бу күн үчүгэйдик, дьаныардаахтык үөрэниэхпит диэн мэктиэ, андаҕар тылларын эттиллэр. Уонна СОБР үлэһиттэриттэн анал береттарга тигистилэр.

5 кылаастар, уопсайа 40 оҕо хара берет кэтэллэр. Бу кинилэр Росгвардия кылааһын үөрэнээччитэ буолалларын мэктиэлиир.

Үөрүүлээх быһыыга-майгыга оҕолорго береттар кэтэрдиллиннилэр.  Оттон манна даҕатан эттэххэ, Дьокуускай куоракка бу номнуо ахсыс Росгвардия байыаннай - патриотическай кылааһа арыллынна. Бу хайысхаҕа өссө да үлэ бара туруо диэн Росгвардия Саха сиринээҕи салалтатын салайааччыта, полиция полковнига Сергей Челищев иһитиннэрдэ. Оттон бу түгэҥҥэ манна, биллэн турар, саамай үөрбүт-долгуйбут дьон оҕолор буолаллар.

Ганя Тереньтев, Н.И. Шарин аатынан 39-с -дээх оскуола 5 "б" кылааһын үөрэнээччитэ: “Олус үөрдүм. Росгвардия кылааһа буоллубут. Биһиэхэ хара берет биэрдилэр. Андаҕар эттибит. Барытын сөбүлээтим”.

Маны тэҥэ саҥа арыллыбыт кылааска бастакы бэлэх - икки саҥа саа туттарылынна. Бэлэҕи оскуола директора Мария Прокопьева уонна үөрэх кыһатын военруга ыллыллар. Оттон бу кылаас тэриллиитэ, биллэн турар, оскуола төрөппүттэри кытары ыкса үлэлээһиниттэн тахсыбыт. Манна кылаас төрөппүттэрэ өйөбүл, күүс-көмө буолбуттар.

Варвара Хатылыкова, Н.И. Шарин аатынан 39 -дээх оскуола иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы: “Кылаас төрөппүттэрэ оскуолабыт уонна Росгвардия бары бииргэ үлэлэһэммит бу кылаас арылынна. Олунньуга биһиги оскуолабыт уонна Росгвардия салалтата бииргэ үлэлэһэр туһунан сөбүлэҥ баттаспыппыт. Ол чэрчитинэн кылааспыт арылынна. Сүрүн сыал – оҕолорбутун эт-хаан өттүнэн сайыннарарга, төрөөбүт дойдуларын таптыыр буоларга уонна харыстабыллаахтык сыһыаннаһар, кэлин көмүскүүр буоларга иитэр”.

Онон бу кэмтэн ыла 39-с оскуола 5 кылаастара оскуола бырагырааматын кытары Росгвардия үөрэҕин ааһыахтара. Онтон салгыы оҕолор тустаах биэдэмистибэ үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар туох да эҥкилэ суох киириэхтэрэ.