Олоҥхо ыһыаҕар норуот маастардара 100 кырыымпаны оҥоруохтара
Кыл кырыымпа кыҥкынас тыаһа кутуллар. Маастар Николай Аржаков - Боло Уус бэйэтэ чочуйан таһаарбыт үнүстүрүмүөнүгэр төрүт дуорааны таһаарар. Сэһэн Болоттон сыдьааннаах ааттаах-суоллаах уус кыллаах инструменнары оҥорбута быданнаабыт. Кини сөбүлүүр дьарыгын ымпыгар-чымпыгар тиийэ хасыһан үөрэтэр.
Николай Аржаков - Боло Уус, норуот маастара: "Кылынан оонньонор үнүстүрүмүөнү былыр түүрдэр айбыттара диэн култуураны үөрэтэр учуонайдар суруйаллар. Онтон тарҕанан барбыт билиҥҥи скрипка, виолончель даҕаны. Европа омуктара түүрдэртэн үтүктэн оҥорбуттар".
Маныаха кини хомус уонна кырыымпа ох сааттан төрүттээхтэр диэн учуонайдар этиилэригэр олоҕурар. Николай Николаевич бэйэтэ "Күн дьоно" диэн тойук бөлөҕөр доҕуһуоллуур. Онуоха анаан кини кыл кирсилээх ох сааны музыкальнай үнүстүрүмүөн быһыытынан туттар.
Боло Уус кырыымпаны маһы хаһан оҥорор, оччоҕо тыаһа ордук буолар диэн этэр. Төрүт үнүстүрүмүөн таһаарар дорҕооно үгүстэн тутулуктанар. Холобура, кылыттан, тириититтэн, оннооҕор тас кырааскатын халыҥыттан.
Николай Аржаков - Боло Уус, норуот маастара: "Кыллаах үнүстүрүмүөн дьиҥнээх мастан хаһыллан оҥоһуллуохтаах. Быһыыта ньолбоҕор буолуохтаах уонна сирэйэ тирииттэн оҥоһуллуохтаах. Итиэннэ тирэхтэрэ муостан оҥоһуллара ордук. Тоҕо диэтэххэ кытаанах онон тыаһы биэрэрэ күүстээх".
Кырыымпаны таһынан Николай Аржаков араас музыкальнай үнүстүрүмүөннэри оҥоруунан дьарыктанар. Араас омук үрэр үнүстүрүмүөнэ, бэйэтэ айбыт барабан оннугар туттуллар икки өрүттээх кырыымпата, ох саа моһуоннаах кыллаах үнүстүрүмүөннэр уус илиитигэр чочуллаллар.
Николай Аржаков - Боло Уус, норуот маастара: "Чаахап суруйуута баар. Онно кини былыр струналаах уонна киристээх дүҥүр баар эбит диэн этэр. Икки дүҥүрү суруйбут этэ, ону мин биир дүҥүргэ холбоон оҥордум. Оҕустахха струната хос тыас биэрэр".
Николай Николаевич Олоҥхо ыһыаҕа чугаһаан билигин уһанар кэмин үгэнэ. Ох саа, кырыымпа оҥоруутун түбүгэ. Төрүт доҕоону сайыннарааччылар аны сайын Олоҥхо ыһыаҕар түөлбэлээн көрсүөхтэрэ.