Дьокуускай сааскы ууну ыытыыга бэлэмнэнэр
Губинскай уокурук биир саамай уопуттаах тутаах үлэһитэ Яков Аринкин оҕо былаһааккатын хаартан ыраастыыр түбүккэ сылдьар. Хас даҕаны буолан дөйө тоҥмут муустаах хаары сиртэн хоҥуннаран ылан былаһаакка тас өттүгэр биир сиргэ мунньаллар. Яков Егорович дворнигынан үлэлээбитэ 20-тэн тахса сыл буолла. Өҥүрүк да куйааска, томороон да тымныыга, сиппиир, лаппаакы тутуурдаах олорор куораппыт ыраас, бэрээдэктээх буоларыгар күннэтэ туруулаһар.
Яков Аринкин, Губинскай уокурук муниципальнай дворнига: "Хаһыс да күммүтүн оҕо оонньуур былаһааккаларын ыраастыы сылдьабыт. Чигди буолбут хаары көйөммүт массыына тиэйэригэр бэлэмниибит ".
Мунициальнай дворниктар маннык хас биирдии олорор дьиэлэргэ баар оҕо былаһааккаларын хаартан, муустан ыраастыыллар. Төһө даҕаны хаар ситэ уулла илик буоллар, ууну ыытыыга бэлэмнэнии үлэлэр саҕаланнылар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускайга 8 насос станцията үлэлииргэ бэлэм, бу нэдиэлэҕэ эбии өссө икки станцияны үлэлэтиэхтэрэ.
Дьокуускай сааскы ууну ыытыыга бэлэмнэнэр. Ону тэҥэ халтарааны утары үлэ ыытыллар. Ол курдук муниципальнай дворниктар дьон сылдьар сиригэр кумах куталлар. Ууну ыытар лотуоктары ириэрии, ыраастааһын, турбалары паардааһын курдук үлэлэр бараллар
Ону тэҥэ куоракка быһыттар, шлюзтар туруктарын бэрэбиэркэлииллэр. Пригороднай бөһүөлэгэр Шестаковка өрүскэ баар шлюз регуляторын анал хамыыһыйа тахсан көрдө. Уопсайа 10 гидротехническай тутуулары көрүү былааннанан турар. Салгыы исписэлиистэр Владимировкаҕа баар дамбаны көрдүлэр. Бу 12 миэтэрэ уһуннаах дамба 90-сылларга тутуллубута. Быйыл Дьокуускайга хаар саппааһа нуорматтан 30% -ҥа тиийэ элбэх.
Анатолий Стручков, Октябрьскай уокурук дворниктарын биригэдьиирэ: "Биһиги үлэбит сарсыарда 8 чаастан саҕаланар. Ханна халтараан баар сирин көрөн кумах кутабыт. Хаар үлэтэ сүрүннээн бүтэн эрэр".
Маннык куорат уулуусаларыгар, суоллар быһа охсуһууларыгар уокуруг үлэһиттэрэ халтарааны утары үлэни ыыталлар, кумах кутан тарҕаталлар.
Владимир Чемезов, Октябрьскай уокурук муниципальнай дворнига: "Бу суолларынан кыра оҕолоох дьон, аҕам саастаахтар үгүстүк сылдьаллар. Кинилэргэ табыгастаах буоллун диэн кумах кута сылдьабыт".
Сотору кэминэн хаар бүтүүннүү ууллардаҕына, аны ууну оботторуу, ууну ыытыы түбүгэ үүнүө турдаҕа. Ааспыт сылга хаар элбэҕинэн ууну ыытыга эбии тиэхиньикэни көрбүттэрэ.