Дьокуускайга быһыттар туруктарын бэрэбиэркэлээтилэр
Киин куорат сааскы халааҥҥа бэлэмэнэр. Анал үлэлэр ууну аһардар уонна хаайар быһыттар туруктарын көрөн туох үлэлэр барыахтаахтарын, төһө кумах наадатын, матырыйаал ылыллыахтааҕын быһаараллар.
Иван Данилов, СӨ ЫБММ салалтатыгар ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр салаа салайааччыта: "Туһааннаах исписэлиистэри кытар “Рудник” диэн быһыты көрдүбүт. Туругун кэтээн көрдөбүт. Хонтуруол түмүгүнэн баар боппуростары быһаарыахпыт".
Салгыы исписэлиистэр 90-с сс. бүтүүлэригэр тутуллубут Владимировка дамбатыгар тиийдилэр. Бу тутуу урукку буолан элбэх бэрэбиэркэлэри, кэмигэр чөлүгэр түһэриилэри эрэйэр. Билигин ким даҕаны бу быһыты бэйэтин эппиэтинэһигэр ылыан баҕарбат диэн тэрээһиҥҥэ кыттыспыт эспиэрдэр санааларын үллэһиннилэр.
Пётр Слепцов, эспиэр: "Ууну хаайар тутуулар сылтан сыл кээһэнэллэр. Холобура, бу даамба 12 миэтэрэ үрдүктээх. Санаан көрүҥ, саас аайы манна төһөлөөх уу мунньустарын. Тоҕо барар түгэнигэр Шестаковка ууга барар кутталлаах".
Күн бүгүн куорат хонтуруолугар уопсайа 25 гидротехническай тутуу баар. Кыһын устата муһуллубут хаар уулларын саҕана үөскээбит ууну барытын аһардар гына бэлэмнээх буолуохтаахтар. Ону ситиһэргэ куорат салалтатын, ЫБММ үлэһиттэрэ уонна Өлүөнэтээҕи уу салалтатын исписэлиистэрэ бэрэбиэркэ үлэтин ыыталлар. Түмүккэ - бу күннэртэн бөҕөргөтүү үлэлэрин ыытыахха наада диэн быһаарыныыны ыллылар.
Айаал Дьяконов, Өлүөнэтээҕи уу салалтатын сүрүн исписэлииһэ: "Быһыттар бас билээччилэрэ кэлэр нэдиэлэттэр кумаҕы таһан үлэни саҕалыахтарын наада".
Куорат туох баар күөллэрэ уонна үрэхтэрэ биир ситимнээхтэр. Онон ууну аһарар уонна хаайар быһыттар уу таһымын хотуруоллуурга улахан оруоллаахтар.
Пётр Копырин, Дьокуускайдааҕы гидротехник: "Саас биһиги Сэргэлээх эбэни 60-ча сантымыатыр таһымын үрдэтэбит".
Билиҥҥи туругунан халаан уута хайдах ааһара биллибэт. Саха сиринээҕи күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа этэринэн бу ый ортото барыллаан сабаҕалааһыннарын таһаарыахтара.