"Азия оҕолоро" спортивнай оонньуулар таҥастарын олохтоох урбаанньыттар тигэллэр
Саха төрүт таҥаһын тигэр сыахха ааспыт сыл ахсынньытыттан үлэ күөстүү оргуйар. Халадаайдары, кэһиэччиктэри тигэ олорбут маастардар аны билигин буолаары турар "Азия оҕолоро" спортивнай оонньуу култуурнай бырагырааматыгар кыттааччылар таҥастарын тигэллэр. Сонун матырыйаал, интэриэһинэй моһуон. Барыта 20 араас көстүүм бу сыахха оҥоһуллан тахсыахтаах.
Александра Колесова, иистэнэр сыах салайааччыта: "Ахсынньы ый маҥнайгы күннэригэр култуурунай бырагыраамалар сүрүн худуоһунньугун Сардаана Федотованы кытта Кытайга баран эскизтарбытыгар сөптөөх матырыйааллары фурнитуралары сакаастаабыппыт. Икки тыһыынчаттан тахса көстүүмү тигиэхтээхпит. Эскизпыт уопсайа сүүрбэ".
Киэҥ хабааннаах тэрээһин спортивнай уонна култуурунай өттүттэн эрэ буолбакка олохтоох оҥорон таһаарааччыларга эмиэ барыстаах буолуо. Ол курдук салалта бэйэ урбаанньыттарын өйүүр сыалтан туох баар көстүүмнэр, реквезиттар бары олохтоох сыахтарга оҥоһуллаллар. Аһыллыы уонна сабыллыы бэйэ бэйэтигэр маарыҥнаспат ураты буолуохтара. Үгүс норуот оҕолорун түмэр тэрээһиҥҥэ Арктика тиэмэтин сырдатыахтара.
Сорох көстүүм таҥаһа анал сакааһынан оҥоһуллубут, ханна да суох. Холобура, Саха сирин дьүкээбилин көрдөрөр араас өҥүнэн толбоннурар матырыйаалы анаан-минээн оҥотторбуттар. Онтон "Кэрэ" иистэнэр сыах "Азия оҕолорун" оонньууларын таҥаһын иккиһин тигэр. Ааспыт сырыыга 2500 тыһыынча көстүүмү оҥорбуттара. Билигин соруктарын аҥаарын толорбуттар. Уопсайа барыта 50 иистэнньэҥ олорон турбакка тигэллэр. Балар истэригэр маастар Мария Юмшанова "Азия оҕолоро" оонньуу саҕаланыаҕыттан биири да көтүппэккэ иистэнэр. Онон кини хас сырыы ахсын тэрээһин сайдан, тупсан иһэрин бэлиэтиир.
Мария Юмшанова, иистэнэр сыах иистэнньэҥэ: "Мин бары оонньууларга иистэммитим. Хас сыл аайы таҥас уларыйар, сэргэх буолар, көстүүтэ тупсар".
Сыл бөдөҥ тэрээһинин култуурунай бырагырааматыгар кэтиллэр көстүүмнэри тигиигэ устудьуоннар эмиэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр. Иис идэтин баһылааччылар ураты матырыйаалы, сонун моһуону тигэн уопуттарын хаҥаталлар. Эдэр иистэнньэҥ Светлана Никонова маннык хабааннаах иискэ бастакы уопута. Онон үлэтин түмүгүн хайаан да оонньуу аһылыыыгар көрөр баҕалаах.
Светлана Никонова, иистэнэр сыах иистэнньэҥэ: "Сыахпыт Кытайтан олус үчүгэй матырыйаалы аҕалбыта. Онон дьууппа тигэ сылдьабыт. Барыта 200 устууканы оҥоруохтаахпыт. Бастаан тигэргэ уустук этэ, онтон үөрэнэн билигин судургу".
Онтон көстүүмнэр бэс ыйын саҥатыгар тигиллэн бүтүөхтэрэ. Саха сирин уратытын кэрэһэлиир таҥастары "Азия оҕолоро" оонньуу аһыллыыгар уонна сабыллыыгар дьон кэрэхсиэ.