12 туонна сэлии муоһа Кытайга көттө

87

Сөмөлүөккэ таһаҕаһы тиэйээри бэлэмнэнэ сылдьаллар. Мантан күннэтэ Арассыыйа атын регионнарыгар уонна тас дойдуларга таһаҕас арааһа көтөр. Уопсайа сыл саҥатыттан 12 туонна сэлии муоһа, 568 баартыйаннан 15 туонна балык арааһа уонна туоннаттан тахса киис тириитэ бэрэбиэркэлэнэн Саха сириттэн көппүт. Бэтэринээринэй кэтээн көрүү үлэтин Саха сиринээҕи Россельхознадзор салаата сүрүннүүр.

Айсан Афанасьев, Россельхознадзор Саха сиринээҕи салалтатын судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ: “Бастатан тура, бэтэринээринэй докумуоннарын бэрэбиэркэлиибит. Онтон бородууксуйаны көрөбүт, сөптөөх маркировкалаах буолуохтаах”.  

Бородууксуйа сүрүннээн  Москваҕа, Новосибирскайга, Санкт-Петербурга, Хабаровскайга уонна Алтай, Амур уобаластарыгар Саха сириттэн  барар. Онтон  тас дойдулартан  Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтигэр ыытыллар. 

Тимир суолунан кэлэр-барар бородууксуйа эмиэ Россельхознадзор иниспиэктэрдэрин күүстээх кэтэбилин, хонтуруолун ааһаллар, ол эрэ кэннэ дьэ нэһилиэнньэҕэ тириэрдиллэр.

Айсен Захаров,  Россельхознадзор Саха сиринээҕи салалтатын судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ: “Суол суох кэмигэр бородуукта маҕаһыыннара толору хааччыллалларын туһугар күҥҥэ уонча контейнер таһаҕас кэлэр. Бастакы кыбаарталга уопсайа барыта 1006 тырааныспар, 347 вагон, 544 авиа тырааныспар, 115 тимир көлө хонтуруолу аастылар”.

Аһы-үөлү эрэ буолбакка  Саха сириттэн атын регионнарга хаһаайыттарын кытары барар ыттары, куоскалары бэрэбиэркэлээһин үлэтэ эмиэ кинилэргэ сүктэриллэр.  Ол курдук, аҥардас 3 ый түмүгүнэн 446 ыт уонна 182 куоска бэрэбиэркэни ааспыт. Бу курдук бэтэринээринэй кэтээн көрүү үлэтэ улахан хонтуруолга турар.