Дэгиттэр уус Андрей Каратаев
Уус саха быһаҕын таптайар. Дьэбин сиэбэт тимирин уһааран оҥорор, оттон ардыгар сакааска хара тимиртэн быһахтары оҥортуур. Андрей Каратаев тимири уһаныан иннинэ эрдэ маһынан эрэ дьарыктана сыльыбыта. Оттон кэлин мас сыаната ыараан, быһаҕы оҥорон көрөргө сананар, онтон ыла билигин тимирин сойуппакка дьарыктана сылдьар.
Андрей Каратаев, Майа нэһилиэгин олохтооҕо: "Мин бэйэм толкуйбунан, тимири охсорго санааҕын ууруохтааххын. Түргэн соҕустук оҥоро охсон атыылыы охсубут киһи диэн санаа миэхэ суох. Олох ыксаабакка барытын кыһаллан туран оҥоробун, сакаас биэрбит киһи астына ыларын курдук".
Үлэ күнүгэр киэһээ 5-тэн түүн 11 чааска диэри уһанар, оттон өрөбүл күннэргэ күнү быһа бу дьиэтиттэн арахпат. Үлэлиир тиэхиньикэтин саҥардан, анал мастарыскыай туттан билигин таптыыр дьарыгынан дьарыктанарыгар толору кыах барыта баар. Үлэтигэр ураты сыһыаннаах уус дьыалатын хайдах саҕалыырын туһунан кэпсээтэ.
Андрей Каратаев, Майа нэһилиэгин олохтооҕо: "Тимир охсуом иннинэ илиибин массаастанабын уонна кыстыкпын, оһохпун холбоон аргыый үлэлээн барабын".
Нэһилиэк бочуоттаах олохтоохторугар кини оҥоһуга барыларыгар баар. Биир быһаҕы 3 күнүнэн оҥорон бүтэрэр. Бастаан оҥорон саҕалыырга сүрүн ыарахана - киһи илиитэ-атаҕа үөрэнэрэ, уонна салгыы уус киһиттэн үчүгэй санаа эрэ ирдэнэр.
Муоһу кыһан быһах угар кыбытар, оччоҕуна уга алдьаммат, ону-маны кыһарга бөҕө буолар. Эбэтэр биирдиилээн муос оҥоһуктары эмиэ оҥорор. Өбүгэ ситимин утумнаан, сылтан сыл талаана арыллар, саҥаттан саҥа матырыйааллары үөрэтэр, чочуйан көрөр. Саха иһитин-хомуоһун хатын удьурҕайыттан оҥорор, оччоҕуна үйэлири уҥуордаан, хайдыбакка, бүтүн төһө баҕарар өр сылларга туһаныллыан сөп.
Андрей Каратаев, Майа нэһилиэгин олохтооҕо: "Быһыччаларбын дьэбинирбэт тимиртэн оҥоробун, уга удьурхай, кыына кутурук".
Уус дьарыга кэнники сылларга урдук таҺымна таҕыста. Кинилэр айалларыгар-туталларыгар, уһаналларыгар саха да дьонуттан, атын да дойдулартан интэриэс улахан.