Сахалыы тыллаах оҥоһуу өй оҥоһуллар
СӨ Национальнай библиотеката Култуура уонна искусство институн кытта, омуннаабакка эттэххэ, олох туох баар эйгэтигэр туһаны аҕалыан сөптөөх искусственнай интеллегы чочуйа сылдьаллар. Кини киһи саҥарарыттан туох даҕаны уратыта суох буолуохтаах, онон араас тиэкиһи, сыалай кинигэлэри ааҕар кыахтаах буолан тахсыахтаах.
Василий Борисов, СӨ национальнай библиотека салайааччытын солбуйааччы: "Араас сыһыарыылар, араас ньымалар бааллар, олор робот курдук саҥараллар. Онтон оҥоһуу өй манна киирдэҕинэ киһи саҥарарын үтүктэн саҥарыахтаах ".
Оҥоһуу өй киһиттэн туох даҕаны уратыта суох саҥарарын ситиһэргэ дьиҥнээх дьон саҥатытттан холобур оҥостон үөрэнэр. Куолас хомуйуутугар сүрүннээн цифровой волонтердар күүс-көмө буолаллар.
Елена Нектегаева, Арктикатааҕы култуура уонна искусство институутун 4-с кууруһун устудьуона, волонтёр: "Манна биһиги сүрүн сорукпут “Сахалыы аах” диэн бырайыакпытын дьоҥҥо иһитиннэрэбит уонна оҥоһуу өй бырайыагын кэпсиибит".
Маны таһынан хайа баҕар баҕалаах бэйэтэ voice.nlrs сайт нөҥүө киирэн бэйэтин куолаһын хаалларыан уонна атын дьон саҥата төһө сөптөөҕүн бэрэбиэркэлиэҕин сөп. Хас биирдии куолас оҥоһуу өй чочулларыгар, сайдарыгар төһүү күүс буолар.
Мария Андреева, Арктикатааҕы култуура уонна искусство институутун гуманитарнай хайысха уонна библиотека, информация кафедра салайааччыта: "Устуу уонна истии диэн чаастар бааллар. Холобура, устуу диэҥҥэ сахалыы саҥарар эрэ буол этиилэри саҥараҕыт. Онтон истии диэҥҥэ эрдэ уһуллубут этиилэри истэбит уонна бэрэбиэркэлиибит".
Билиҥҥи туругунан 3 тыһыынчаттан тахса куолас оҥоһуу өй базатыгар киирдэ. Төһөнөн элбэх киһи кыттыыны ылар даҕаны соччонон сахалыы тыллаах искусственнай интеллект киэҥ эйгэҕэ тахсара түргэтиир. Онон үлэни ыытар исписэлиистэр нэһилиэнньэни туора туран хаалбакка көмө буолалларыгар ыҥыраллар.