Мэҥэ Хаҥалас музейыгар баар сэдэх болот тула мөккүөр

99

1984 сыллаахха Бүтэйдээх нэһилиэгин аттыгар Сэндиэли диэн алаастан булуллубут болот музей биир сэдэх экспоната. Оччолорго алтыс кылаас үөрэнээччитэ Гоша Васильев сир оҥоруутугар үлэлии сылдьан түбэспитэ. Саамай уратыта диэн кини биһиги эрабыт иннинэ 14-тэн 4-с үйэҕэ диэри уус мильскэй култуура боруонса үйэтигэр туһанылла сылдьыбытын бэлиэтииллэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр маннык болот икки эрэ баар, биирин 1943 сыллаахха Уус Маайаҕа булбуттара, кини кээмэйэ бу көстөртөн 2 төгүл кыра.

Александр Эверстов, Р. Г. Васильев аатынан Мэҥэ Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл научнай үлэһитэ: “Күн бүгүҥҥэ диэри учуонайдар мөккүһэллэр бу болоту ким оҥорбута буолуой, туохха туттулла сылдьыбыта буолуой диэн. Улахан мөккүөрдэр бараллар, тоҕо диэтэххэ олус аҕыйах маннык булумньу баар. Маннык болоттор Кытайга бааллар дииллэр. Онон Маньчжурияттан кэлбит буолуохтарын сөп диэн сабаҕалааһын баар. Онтон ким тутта сылдьыбытай диэн ыйытыыга племя кырдьаҕаһын, кини күүһүн-уоҕун көрдөрөр диэн этэллэр, сорохтор ытыкка туттуллар дииллэр”.

Мэҥэ Хаҥалас түмэлигэр чинчийээччилэр, устуоруйаны үөрэтээччилэр аҥаардас бу сэдэх болоту көрөөрү ыраах сиртэн кэлэллэр. Түмэл саҥардыллыбытын кэннэ манна көрдөрүүлэр үйэлэринэн, кэмнэринэн наарданан тураллар. Улуус баай устуоруйатын, култууратын, дьарыгын барытын бу булуллубут мал-сал кэрэһэлиир.

Ньургуйаана Шергина, Р. Г. Васильев аатынан Мэҥэ Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһитэ: “Манна биүиэхэ муус үйэттэн саҕалаан устуоруйа бары кэмин кэрэһэлээн көрдөрөр экспонаттар бааллар. Быйыл археологисечкай хаһыылартан эбии мал-сал кэлэн көрдөрүүгэ турда”.

Түмэлгэ саха балаҕанын муннугар барыта саха оччотооҕу туттар мала-сала, ойуун таҥаһа-саба, ону тэҥэ нуучча омуга кэлэн, үөрэҕи, итэҕэли тарҕатар кэмин туоһулуур былыргы таҥара мэтириэттэрэ, сиэркилэ, үөрэх кинигэлэрэ бааллар. Өссө биир түмэл интэриэһинэй көрдөрүүтүнэн кыыллар чуучулалара буолар. Оскуола оҕолоро бу кыыллары ордук сэҥээрэ көрөллөр. Маны таһынан түмэл биир улахан салаатынан хартыына саалата буолар. Бу туһунан хартыына саалатын үлэһитэ кэпсээтэ.

Михаил Трифонов, Р. Г. Васильев аатынан Мэҥэ Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһитэ: “Дьиэ кэргэн сыла биллэриллибитинэн Валериан Гаврильев хартыыналара көрдөрүүгэ тураллар. Ол курдук кини 400 тахса кини айымньылаах. Онтон биһиги түмэлбит барыта 150-ча хартыыналаахпыт. Олор истэригэр Валериан Гарильев киэннэрэ эмиэ бааллар”.

Валериан Гаврильев Мэҥэ Хаҥалас киэн туттар худуоһунньуга. Төһө да эдэр сааһыгар суох буоллар, кини саха эпоһын хартыыналарыгар үйэтиппит чулуу худуоһунньук буолар. Сахалартан бастакынан графика көрүҥүнэн дьарыктанан үлэлэрин дойду таһымыгар үрдүктүк сыаналаабыттара.