Халаан иннинэ быыһааччылар анал эрчиллиини ааһаллар
Уоннуу киһиннэн хайдыһан быһыыр сулууспа байыастара халаан уутун иннинэ анал бэлэми ааһаллар. Ыксаллаах быһыы - майгы тирээтэҕинэ хас биирдии сөкүүндэ күндү. Онон быһааччылар бу тургутууга сатабылларын эрэ буолбакка түргэн-тарҕан туттунууну көрдөрөллөрө эмиэ ирдэнэр.
Бөртөлүөт үрдүгү уларыта сылдьар, биир кэм миэстэтигэр турбат. Маннык балаһыанньаҕа үөрэҕи ааһыы ордук уопуту биэрэр. Бу сырыыга уопсайа 50 быыһааччы тургутууну ааһар. Олор истэригэр 15 киһи аан маҥнайгытын быа устун үрдүктэн түстэ.
Павел Попов, Тааттатааҕы быыһыыр этэрээт салайааччыта: «Бастаан хайдах эрэ киһи син биир толлор. Ол эрэн бастакы хардыыны оҥордун эрэр барар. Бэйэм санаабар бэккэ түстүм. Туох да сыыһа туттуу тахсыбата. Барыта этэҥҥэ».
Павел Попов салайааччылаах Чурапчы уонна Таатта улууһугар икки сыллааҕыта тэриллибит быыһыыр этэрээт бөртөлүөттэн түһэр сатабылларын чочуйаллар. Кинилэри сэргэ бу сырыыга Түбэ, Томмот, Нерюнгри, Дьокуускай этэрээттэрэ эрчиллиини ааһаллар. Быйыл Саха сирин быыһыыр сулууспата уопсайа 30 саҥа үлэһиттээх.
Василий Тарский, СӨ Быһыыр сулууспа салайааччытын бастакы солбуйааччы: «Былырыын Ил Дархан дьаһалынан СӨ Быһыыр сулууспата эбии 30 байыаһы үлэҕэ ылбыта. 15 киһи бу билигин үөрэҕи ааһа сылдьар, онтон улуустарга баар этэрээттэр байыастара сотору кэминэн эмиэ маннык эрчиллиини ааһыахтара».
БыҺааччылар халаан уутугар эмсэҕэлээн илиитин уонна атаҕын тоһуппут киһиэхэ маҥнайгы көмө оҥордулар. Хамсыыр кыаҕа суох буолан тоҥ сиргэ өр сыппыт киһини тымныйыыта кыра буоллун диэн ыга суулаатылар. Бу үөрүйэхтэри быыһааччылар күүскэ эрчийэллэрэ ирдэнэр.Түмүгэр байыастары тургутууну сөпкө ааспыттарынан аахтылар.
Эрчиллии салҕанар. Уопсайа 3,5 чаас көрүллэр. Маныаха байыастар кырата биэстиитэ түһүөхтээхтэр. Мантан саас өссө хараҥаҕа түһэр наабыктарын чочуйуохтара. Тоҕо диэтэр ыксаллаах быһыы - майгы үгүстүк түүҥҥү өттүгэр тахсар. Онтон үөһэттэн түһүү сүрүн быраабылата- сэрэхтээх буолуу ирдэбилин толоруу. Маныаха эрдэ ааспыт үөрэҕи дьиҥ олоххо сөптөөхтүк туһаныы.
Валерий Андросов, СӨ Быһыыр сулууспа парашюта суох түһүү салаатын салайааччы: «Бөртөлүөттэн түһүөх иннинэ анал полигоҥҥа бэлэми ааһаллар. Онно кырата 40 түһүүнү оҥоруохтарын наада».
Маннык эрчиллиилэр сылга түөттэ ыытыллаллар. Парашюта суох түһүү ньыма сааскы халаан кэмигэр ордук туһаныллар. Бөртөлүөт түһэр кыаҕа суох муус билиэнигэр түбэспит дьону быыһыырга.