Булчут күнүн киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээтилэр
Хамаанда бэриллэн оттук маһын былдьаһыыта саҕаланар. Баай байанайдаах булчуттар "Байанай" күрэҕин биир сүрүн түһүмэҕэр киирсэллэр. Кутаа уотун оттон, күөстэрин өрө охсоору мастарын былдьаһан өрүө-тараа быраҕаттаан бастыҥ маска талаһаллар. Онтон дьэ хайыппытынан бараллар, чыыппааннарын тыыраллар. Өр өтөр буолбакка биир-биир уоттара саҕыллан кулуһуннара улам-улам улаатан ууларын оргутар күүстээх түбүккэ түһэллэр.
Хаастарын сиэтэн, сырайдарын кытардан, хаарынан сойута-сойута кулуһун уотун үрэллэр. Манна сыттаҕа уот оттуу, күөһү оргутуу сүрүн кистэлэҥэ диэн булчуттар үллэстэллэр. Онтон көрөөччүлэр ыһыылара-хаһыылара кыттааччылары өссө тэтимирдэр.
Чэйдэрин уута өрө тэбэн Чурапчылар аан бастакынан күөстэрин оргутан кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Уопуттаах дьон буоламмыт бастаатыбыт дэһэллэр.
Дмитрий Слепцов, Чурапчы улууһун хамаандатын кыттыылааҕа: “Маннык күрэхтэргэ хаста да кытынным. Онон уопуттаах буолан бу түһүмэххэ бастаатыбыт. Түһүлгэбит тосхойдо”.
Өссө биир киһи сэниэтин эһэр түһүмэҕинэн ойбон алларыыта буолла. Манна 9 хамаанда күргүөмүнэн анньыыларынан тоҕо түһэн ким бастакынан бүтэрин быһаарсаллар.
Өрө күүрүүлээх киирсии түмүгэр ойбон алларыытыыгар Нам улууһун хамаандата атыттары балай да ыраах хаалларан кыайда. "Байанай" күрэҕэ булчуттарга дьиҥ чахчы бырааһынньык кэриэтэ буолла.
Николай Додохов, СӨ экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы: “Үгэс быһыытынан булчуттар күрэхтэрин үгүс улууска ыытабыт. Онно сүүмэрдэммит кыттааччылар манна кэлэллэр”.
Автомат ыһыыта, викторина, сыалы ытыы уонна эстафета курдук түһүмэхтэр эмиэ олус чаҕылхайдык аастылар. Кыттааччылар дуоһуйан, астынан бардылар.
Икки күннээх тыҥааһыннаах күрэх түмүгэр кыайыылаах хамаанда ё
Булчут күнүн көрсө өссө биир улахан тэрээһин бөрөһүттэр сүбэ көрсүһүүлэрэ буолла. Маҕаҥҥа мустан бэйэ-бэйэни кытары алтыһан, сүбэ-ама бэрсистилэр.
Амма улууһуттан сылдьар уопуттаах бөрөһүт Гаврил Христофоров эдэр булчуттарга бэйэтин уопутун, мүччүргэннээх сырыыларын кэпсиир. Саамай сүрүнэ бултуур ньыматын, кистэлэҥин арыйан эдэр көлүөнэҕэ туохха да тэҥнэспэт билиитин, сатабылын тириэрдэр.
Гаврил Христофоров, Амма улууһун олохтооҕо, булчут: “Күрүчүөгү кыра гынар наада. Тоҕо диэтэххэ кини бастаан барыытыгар туохха да иҥниэ суохтаах. Онтон дьэ сылайан соһуллан барыытыгар титириккэ, хатыҥҥа иҥнэрэ элбэх буолуохтаах”.
Хапкааны, туһаҕы иитии, суолу суох гыныы, сыты сүтэрии уонна бултуур тэрили сөпкө дьаһаныы курдук бөрөҕө бултаһыы саамай ирдэнэр ньымаларын кэпсээтилэр. Манна саҥа саҕалааччы булчуттар эрэ буолбакка научнай өттүнэн интэриэстээх дьон эмиэ сырытта.
Святослав Фёдоров, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр институт билим үлэһитэ: “Булду интэриэһиргиибин, онон бэйэм тутан-хабан көрөөрү, сүбэ-ама ылаары кэллим”.
Билиҥҥи туругунан бөрөлөр ахсааннара элбии турар диэн кыһалҕа баар. Онон саҥа саҕалааччылары, эдэрдэри өйөөн, үөрэтэн сөптөөх суолга тайаннаран бу курдук семинардары сыллата тэрийэн бөрөһүттэр сатабылларын, билиилэрин кэҥэтэргэ дьлуһаллар.
Булчут күнэ Саха сиригэр араас күрэхтэринэн, үөрэхтэринэн үрдүк таһымҥа ааста. Өрөспүүбүлүкэ бары муннугар байанайдаах булчуттарга айхал тыла этилиннэ.