Бастыҥ эдэр суруйааччылары бэлиэтээтилэр

90

Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгиттэн төрүттээх Николай Васильев оҕо эрдэҕитэн хоһоон суруйар.Төрөөбүт нэһилиэгин күөлүн аатын псевдоним ылынан Харыйалаах Уола диэнн аатанар. Николай 2018 сыллаахха бастакы кинигэтин тааһаартарбыта, ол сыл маннык эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарыгар  аан бастакытын кыттан, кынат анньынан, үүнэн сайдан номнуо Россия суруйааччыларынан сойууһун чилиэнинэн буолбута. Билигин бу мунньахха поэзия секциятын салайар.

Николай Васильев - Харыйалаах Уола, Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү нэһилиэгин сынньалаҥ киинин методииһэ: "Эрдэ элбэҕи билбэт этим. Кинигэ тахсыытын судургу курдук саныырым. Бэйэбин биир кинигэлээҕинэн ааҕынабын. Онтон бу тэрээһиннэр түмүктэринэн биэс хомуурунньугу сүрэхтээри сылдьабыт. Сүбэ мунньахха 2016 сыллаахтан бииргэ алтыспыт доҕоттор буолан кыттыһан таһаардыбыт. Бэлэх курдук оҥорон".

Саха сирин эдэр суруйааччыларын сүбэ мунньаҕын историята дириҥ ис хоһоонноох, өссө 1947 сыллаахтан норуодунай поэт Семен Данилов сойуус салайааччытынан олорор кэмиттэн ыла саҕаланар. 1987 сыллаахха, кэм уларыйыытын кэмигэр мунньах тэриллиитэ тохтоон хаалар. Оттон 17 сыл буолан баран, 2004 сыллаахха Наталья Харлампьева көҕүлээһининэн, култуура, ыччат министиэристибэлэрин ейөбүлүнэн мунньах сөргүтүллэн, икки сылга биирдэ Саха сирин эдэр суруйааччыларын бииргэ түмэр.

Наталья Харлампьева, Саха сирин суруйааччылары сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: "Биһиги саҕана саҥа саҕалыырбытыгар биһигини кытта балай да бадьыыстаспыт дьон баар этилэр. Олор ортолоругар ини – бии Софроновтары ааттыахха сөп. Ол иһин иэспитин төлүүр дьон курдук икки сылга биирдэ эдэр суруйааччылары муһан үлэлэһэбит. Кинилэр айымньыларын ырытыһабыт". 

Быйылгы 24-с сүбэ муньахха араас улуустартан барыта 70 эдэр ааптар кытынна. Үлэ икки күн устата поэзия, проза, драма, критика, оҕо литературата. Ону тэҥэ аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар уонна нуучча литератураларын хайысхаларынан арахсан барда. Кэнники аҕыйах сыл иһигэр  Россия суруйааччыларын сойууһугар 24 эдэр ааптар киирдэ.

Гаврил Андросов, Саха сирин суруйаччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ: "Кыттааччыларбыт сүүсчэкэ кинигэ таһааттарбыттар. Отучча хомуурунньук тахсыбыт. Манан сиэттэрдэххэ эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтара элбэх саҥа ааттары биэрэн бэйэтин суолун-ииһин хайыы үйэ хааллара сылдьар улахан бырайыагынан буолар". 

Тэрээһин чэрчитинэн киинэ сценарийын суруйууга итиэннэ драматургияҕа уонна пьеса ааҕыытыгар маастар кылаастар буоллулар. Мусьяна Сосина бэйэтэ уһуйаан иитээччитэ, үөрэҕи бүтэриэҕиттэн суруйар.

Мусьяна Сосина, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Баатара нэһилиэгин уһуйаанын иитээччитэ: "ЯПУ-2 диэни бүтэрэрбэр оҕолорго иитээччи быһыытынан хоһооннору суруйан саҕалаабытым. Билигин 5-6 кинигэлээхпин. Барыта уһуйаан саастаах оҕолорго уонна оскуола алын сүһүөҕүн оҕолоругар аналлаахтар. Мунньах ыытыллара олус үчүгэй, эдэр суруйааччылар санаа атастаһаллар".

Тэрээһин түмүгүнэн хайысхаларынан бастыҥнары бэлиэтээтилэр, кинилэр кинигэ таһааралларыгар сертификаттары туттулар, оттон айымньылара литературнай сурунаалларга бэччээттэниэхтэрэ.