Олоҥхону сэргээччилэргэ анал "Ноо!" диэн сыһыарыы таҕыста

85

Никита Айанитов эдэр олоҥхоһут. Кыра сааһыттан олоҥхоҕо интэриэстээх, уһуйаан саҕатыттан бэйэтэ толорон саҕалаабыт. "Ноо!" сыһыарыы маастарстыбабын чочуйарга сүдү күүс буолла, санаан кэллэҕим ахсын сиэппиттэн хостоон олоҥхоһуттар толорууларын истэр бэрт тоҕоостоох уонна түргэн диэн бигэргэтэр.

Никита Айанитов, ХИФУ 2-с кууруһун устудьуона, олоҥхоһут: «Бэйэм Кирилл Никонович Никифоров – Лөкөчөөн “Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн” олоҥхотун ааҕабын. Кини тыыннаахтыы олоҥхолуурун иһиттэҕим, кини ааҕар видеоларын көрөн ааҕар этибит. Онтон бу “Ноо!” диэн сыһыарыы көмөтүнэн киһи сиэбигэр да, илиитигэр тута сылдьан истиэн сөп».

Төлөпүөҥҥэ сыһыарыы, куйаар ситимигэр сайт уонна флешка көрүҥүнэн таҕыста. Тустаах бырагыраамманы Play Market нөҥүө хачайдаан хайа баҕар баҕалаах туттуоҕун сөп. Онтон App Store ситимигэр эмиэ бу күннэргэ тахсыахтаах.

Сахаайа Львова, ХИФУ Олоҥхоҕо институтун научнай үлэһитэ: «Барыта 33 олоҥхоһут запиһа киирдэ. Ол курдук 173 запись киирдэ. 3 үгэһинэн архсан киирдилэр, ол курдук: Киин улуус, Бүлүү бөлөх, Хотугу улуус. Олоҥхону сэҥээрэр, чинчийэр уонна олоҥхолуурга холонор дьоҥҥо күүс-көмө, сирдьит суол уонна сайдалларыгар сүрүн үктэл буолуо диэн эрэнэбит».

Сыһыарыыны оҥорон таһаарыыга Олоҥхо институтун үлэһиттэрэ, олоҥхону чинчийэр учуонайдар, Алаас кинигэ кыһата сүрүн үлэни оҥордулар. Сыһыарыы оҥоһуллуутун толкуйа барыта институт балаҕанын истиэнэлэригэр киирбит.

Руслан Анисимов, ХИФУ Олоҥхоҕо институтун дириэктэрэ: «Бу балаҕан биһиэхэ лабаратория курдук үлэлиир. Манна сүрүн олоҥхо туһунан кэпсэтиилэр, мунньахтар, олоҥхону толоруу киэһээлэрэ буолаллар. Кэлэктиип буолан научнай үлэбит туһунан, норуокка туох туһаны аҕалыахпытын туһунан, ол торумнар барыта бу дьиэҕэ оҥоһулаллар».

Ааспыт нэдиэлэҕэ бу төлөпүөн сыһыарыытын киэҥ эйгэҕэ сурэхтээбиттэрэ. Маннык сүдү айымньыбыт киэҥ эйгэҕэ тахсара, биһиги үрдүк ситиһиибит диэн элбэх тыл этээччи бэлиэтээбитэ. Сыһыарыыга оннооҕор 120 сыллаах олоҥхолор кытта бааллар. Онон чуолаан бу билиҥҥи эдэр ыччат историяны, улуу эпоһы билэригэр-истэригэр сонун сүүрээн буолла. Итиэннэ киэҥ эйгэҕэ тарҕатарга, эпоспытын сайыннарарга эмиэ биир сүдү кылаат.