Халтараантан сылтаан дьон эчэйиитэ элбээтэ
Чурапчы улууһун олохтооҕо Вера Колесова ый аннараа өттүгэр манна Дьокуускайга кэлэ сылдьан уулуссаҕа халтарыйан охтон атаҕын тоһуппут. Травмпууҥҥа кэлэн гипсэлэтэн эмтэнэ сылдьар. Атаҕа этэҥҥэ оһон эрэр, барыта үчүгэй буоллаҕына бу күннэргэ гиипсэтин устуохтаахтар.
Вера Колесова, Чурапчы улууһун олохтооҕо: «Мин хаамыы туһалаах диэммин аҕыйах хардыы оҥорон, ачыкыта суох буолан сыыр баарын көрбөккө тиэрэ түспүтүм».
Дьокуускайга тимир көлөлөөххө да, сатыы да киһиэхэ уулуссаҕа тахсыы - туспа түбүккэ кубулуйан эрэр. Күн-дьыл сылыйан ириэрэн, онтон сарсыарда-киэһэ өттүгэр тоҥорон суол-иис, тэрилтэлэр эргиччи сир барыта мууһунан бүрүллэн эрэр. Онон дьон-сэргэ эчэйиитэ бүтүн хас да бүк үрдээтэ. Олунньу ыйга 144 киһи травмаламмыт буоллаҕына, кулун тутар ыйга 600-чэ киһи эчэйэн травмпуҥҥа көрдөрбүт. Травмпууҥҥа киирдин да эчэйбит киһи элбэҕэ көстөр. Билигин саҥа эчэйэн кэлэр киһи ордук элбээн турар кэмэ.
Мария Христофорова, медсиэстэрэ: «Сууккаҕа 90 тахса киһи буолар, арыт 100-тэн кытары тахсар. Хаттаан көрдөрөр уонна бастакыларын көрдөрөөччүлэр буолан күҥҥэ 300-кэ киһи буолар».
Бастаан травматолог быраас эчэйиини көрөн көмө оҥорор. Салгыы рентгеҥҥэ ыытан эчэйии туругун чопчулуур, ол кэннэ биирдэ эмтэниини аныыр. Иннокентий Никифоров бу Өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис нүөмэрдээх балыыһа -суһал медицинскэй көмөнү оҥорор киинин травмпуунугар рентген лаборанынан үлэлээбитэ 4 сылыгар барда. Дьон ордук илиитин, атаҕын тоһутар, сиһин эчэтэр диэн этэр.
Иннокентий Никифоров, рентген-лаборант: «Сүрүнүн илии, атах. Ол таһынан сис, ойоҕос уҥуоҕун эчэтэн кэлэллэр».
Эчэйээччи ортотугар эдэр даҕаны, саастаах да дьон элбэх. Кулун тутар ыйга сынньанар, хаҥкылыыр сирдэргэ 80-тан тахса киһи эчэйбит. Онон чуолаан хаҥкылыырга, сыыртан хатааһылыырга куттала суох уолуу быраабылатын билэр табыгастаах. Көннөрү уулуссаҕа да сылдьарга халтараана, оттон кыргыттарга, дьахталларга үрдүк хобулуга суох сөптөөх атах таҥаһын кэтэр ордук. Массыынан сылдьаччыларга эмиэ бэрт болҕомтолоох, сэрэхтээх буолуу ирдэнэр.
Игнатий Семёнов, травматолог быраас: «Халтыраантан харыстанарга хаамар сиргитин үчүгэйдик көрүҥ уонна атаххытын таҥаһа сөптөөх буолуон наада».
Халтараан буолуута саастаах дьоҥҥо ордук сэрэхтэээх. Мантан кэнники өссө халтараан буолара күүтүллэр. Онон хас биирдии киһи бэрт сэрэхтээх буолан, эчэйииттэн харыстаныан наада. Охтон түһэн травма ылан баран бэйэ эмтиэкэлэммэккэ, бириэмэни ыыппакка тута медицинскэй көмөнөн туһаныахха наада. Хойутаан көрдөрдөххө эчэйии иһэн эмтэнэргэ ордук ыарыылаах буолуон сөп.