Дьокуускайга аутизм ыарыылаах оҕолор ийэлэрэ ABA-терапия дьарыгын тэрийэллэр
Аутизм диагностаах оҕолорго саамай табыгастаах терапия көрүҥүнэн АВА-терапия буолар. “АВА Мария” көмө киинэ оҕо туругуттан көрөн, хас биирдиилэригэр сайыннарар дьарыктары ыытар. Бастакы кылаас үөрэнээччитэ Юра Томскай сөптөөх исписэлиистэргэ сылдьан билигин номнуо биир сиргэ болҕойон олорор, дьон тылын истэр буолла. Юра 3 саастааҕар ийэтэ диагноһын билбитэ. Саҥарбатын, аһара тэтимнээҕин бэлиэтии көрөн, эрдэттэн быһаарбыттара - оҕо эмтэнэн саҕалыырыгар улахан көмө буолбута.
Римма Томская, Юра ийэтэ: «Биһи курдук диагнозтаах дьоҥҥо АВА-терапия бассар. Тоҕо диэтэргэ поведенческэй оҕо буоллаҕа. Үчүгэйдик олорбот истибэтэ этэ. Атын төрөппүттэргэ сүбэлиэм этэ – бастаан АВА-терапияттан дьарыктанын».
АВА-терапиянан 8-с сылын дьарыктанар Мария Попова Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан тыл көтөҕөн, аутизм диагноһын Саха сиригэр быһаартарары ситиспитэ. Ол иннинэ 12-15 саастарыгар диэри диагноз туруоруллубат этэ. Оттон ураты көрүүлээх оҕолору кытта төһөнөн хойуут дьарыктанан саҕалыыгын да, соччонон дьон ортотугар сылдьара ыарыыр.
Мария Попова, АВА-терапия мэтэдьииһэ: «Биһи ньымабыт АВА-терапия диэн ааттаах, нууччалыы – прикладной анализ поведения диэн. Аутизмнаах, саҥарарга ыарырҕатыылаахтары, гиперактивностаах оҕолору кытта үлэлиибит».
Билигин АВА-үөрэх хайысхатын баһылаан, ураты болҕомтоҕо эрэйэр оҕолор төрөппүттэрэ эрэллэрин биир да мүнүүтэҕэ сүтэрбэттэр. Бастакыларын маннык түбэлтэҕэ түбэспит ийэлэргэ-аҕаларга оҕоҕутугар уонна бэйэҕит кыаххытыгар хаһан даҕаны саарбахтаамаҥ, бэринимэҥ диэн ис сүрэхтэриттэн сүбэлииллэр.
Екатерина Фёдорова, АВА-терапия мэтэдьииһэ: «4 сааһыгар оҕобор диагноһун туруорбуттара. Ол кэнниттэн Саха сиригэр даҕаны, Кытай быраастарыгар, Санкт-Петербурга анал аутистары кытта дьарыктанар медицинскэй кииҥҥэ бараммыт өр бириэмэҕэ эмтэммиппит. Ол кэннэ АВА-терапия туһунан билбитим. Оҕом көрөрө истэрэ, атын эйгэни кытта алтыһара, атын оҕолорго уонна оонньуурдарга интириэһиргиир буолбута көстөн киирэн барбыта».
Аутизмнаах оҕолору кыра саастарыгар көннөрү мэник оҕону кытары булкуйаллар, оттон улаатан истэҕин аайы итиннэ болҕомтону эрдэ уурбакка улаханнык сыыстараллар. Бу үөрэх киинигэр бу кыһалҕаҕа эттэринэн-хааннарынан түбэспит төрөппүттэр үлэлииллэр. Хас биирдии оҕо туругуттан көрөн, ураты ньымалары туһаналлар. Бу кииҥҥэ кэлиэхтэрин иннинэ саҥарбат, ааттарын истибэт оҕолор билигин номнуо биир сиргэ тулуйан олорор, дьон саҥатыгар болҕойор буолбуттар.