Саха дьоно халлаан сылыйан куйуурдуу тахсаллар

81

Төлөй нэһилиэгиттэн хоту диэки балтараа көс тэйиччи сытар Тойон Ыйалаах диэн алааска кэллибит. Саха киһитин сиэринэн ойбон алларыах иннинэ, Айыыларбытын арыылаах алаадьынан күндүлээтибит.

Онтон хаары күрдьэн, сытыы анньыынан түргэн үлүгэрдик ойбон алларыыта буолла.

Эһэлэрин аттыгар 8 саастаах Күндүл Горохов тула көтө сылдьар. Кини тыаҕа, булка, окко-маска 5 сааһыттан сылдьыһар. Кыра балыксыт бэйэтигэр сөрү сөп куйуурдаах. Кинитэ суох биир да үлэ ааспат, хамаанда тутаах киһитэ буолар.

Күндүл Горохов, Төлөй нэһилиэгин олохтооҕо: «Айылҕаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн. Балыгы илиибинэн тутар этим».

Оҕону кыра сааһыттан саха төрүт дьарыгар сыһыарар бу оҕону иитиигэ бастакы ирдэбилгэ туруохтаах. Өбүгэ дьарыгын утумнаан, Күндүл Горохов эһэтигэр Егор Борисовка бэйэтин куйууругар кыра маҥкы сакаастаата.

Егор Борисов, Төлөй нэһилиэгин олохтооҕо: «Оҕолорбутун батыһыннара сылдьан үөрэтэбит. Хааччах дэлби киирэн, оҕолору бииргэ бултууру игин бопсо сатыыллар. Сахалар бэйэбит төрүт үгэспитин хаалларарбытыгар мэһэйдэр курдуктар».

 Бу күөл төһө балыгы күндүлүүрүн билбэппит, эрээри кыраҕа бытархайга мыыммат дьон буолан, эбэбит бастакы куйууртан соболорун бэрсибититтэн үөрдүбүт.

Тойон Ыйалаах алаас Чурапчы үс нэһиэлигин ортотугар сытар. Онон Мугудай нэһилиэгэ бу алааска эмиэ таптаан балыктыыр. Бу күннэргэ 80-с хаарын уулларбыт.

Алексей Терютин, Мугудай нэһилиэгин олохтооҕо: «Мин 80 сааспын туоллум. Үбүлүөйбэр балык сиэрибин кэлэн турабын. Оҕолору бэйэлэрин түөлбэлэрин, сиэрдэрин убаастыырга үөрэтэллэр. Ону биһи үөрэбит буоллаҕа кырдьаҕастар».

Күөлгэ уонча ойбон тэһэн, сири-уоту алгыы көрдөстүбүт. Тыаҕа аҥаардас балыктыы эрэ буолбакка, киһи дууһалыын сынньанар, санаа атастаһар.

Егор Попов, Төлөй нэһилиэгин олохтооҕо: «Тымныылар кэннилэриттэн сибиэһэй салгыҥҥа сылдьабыт. Билигин саамай битэмиин тиийбэт кэм, ол иһин сибиэһэй балык саамай наада. Былыр-былыргаттан өбүгэлэрбит маннык гынан тыыннарын салҕааннар күөххэ үүктэннэхтэрэ. Урукку сиэри тутуһан оҕолору илдьэ сылдьан үөрэтэр үчүгэй буоллаҕа».

Ытык Төлөй сирэ-уота көмүс хатырыктааҕынан барыбытын күндүлээтэ. Дьоно-сэргэтэ үлэһитинэн биллэр нэһилиэк ыччакка үтүө холобур буоларын өссө биирдэ бигэргэттэ