Мэҥэ Хаҥалас Майа нэһилиэгэр тупсарыы үлэтэ салҕанар
Майа нэһилиэгэр олохтоохтору хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү үлэтэ тэтимнээхтик бара турар. Бу сыл бүтүүтэ саҥа 7 этээстээх дьиэҕэ эргэ дьиэ олохтоохторо көһүөхтэрэ. Билигин нэһилиэк киинигэр саҥа таас дьиэлэр дьэндэйэн тураллара киһи хараҕын үөрдэр.
Бүтэһик сылларга Майа нэһилиэгэр тупсарыы үлэтэ ордук тэтимирдэ. Ол курдук биир холобурун нэһилиэк килбэйэр киинигэр турар Майа сайына дьон таптаан мустар сынньанар киинэ буолар. 2022 сыллаахха манна икки эрэ паамытынньык баар сирин, бүтүннүү саҥардан, тупсарыы үлэтин ыыппыттара. Дмитрий Тихонов нэһилиэк баһылыга эрдэҕинэ, эдэр урбаанньыттарга күрэх тэрийбитэ. Бастыҥ бырайыагынан Майа төрүт олохтооҕун Мария Саввинаҕа киэнэ буолбута. Онтон ыла бэйэтин баҕатын олоххо киллэрэн туһана сылдьар. Манна аныгылыы истииллээх аһыыр сирдээх, ким баҕарар биир да эбии харчыны төлөөбөккө бу сиргэ кэлэн араас бырааһынньыктары ыытыан сөп.
Мария Саввина, "Майа сайына" сынньанар киин салайааччыта: «Уопсайа 10 үлэһит баар, үксүн Майа олохтоохторо. Дьиэ кэргэнинэн кэлэн сылдьаллар, киэһээтин уот күөс бөҕө буолар».
Бу Комсомол болуоссаата “Куорат табыгастаах эйгэтин тэрийии” диэн дойду национальнай бырайыагынан саҥардыллыбыта. Кыра тэрээһин ыытыллар сирдээх, оттон киэһитин уот-күөс киэргэллээх. Нэһилиэк киинигэр тупсарыы үлэтин инники былааннарын туһунан Майа салайааччыта иһитиннэрдэ.
Алескей Неустроев, Майа нэһилиэгин баһылыга: «Майа алааһын ортотугар хойуу мастаах арыы тыа баар. Ол сир билигин дьиэлэринэн туолан, оҕо уһуйаана тутуллан турбута. Билигин дьиэтэ атын сиргэ көһөн ол сирбитин саҥаттан сөргүтүөхпүтүн баҕарабыт».
Нэһилиэк өссө биир киэн туттар сиринэн Таала күөл буолар. Бу сиргэ соторутааҕыта Петр уонна Анна Петуховтар Майаҕа бастакы аныгы тутуулаах сынньанар дьиэ туттубуттара.
Сынньанар кииннэрин 2014 сыллаахтан бу күөлгэ сааһын каток оҥоруутуттан саҕалаабыттара. Онно эбии Петр муус ууһаныытынан дьарыктаммыта 20 сыла буолан, муус, хаар оҥоһугар күрэх тэрийэр улахан баҕа санаалааҕа. Ол онно дьон түһэн сынньанар усулуобуйата баар буолуохтаах диэн бу дьиэни туттубуттара.
Пётр Петухов, Майа нэһилиэгин олохтооҕо: «Майа олохтоохторо бары көмөлөстүлэр. Ол иһин норуот паарката диэн ааттыыбыт».
Анна Петухова, Майа нэһилиэгин олохтооҕо: «Сайынын оҕолор иллэҥ кэмнэригэ манна лааҕыр тэрийэбит. Бастаан боруобалаан көрбүппүт. Басткы иккис бөлөх арааран сарсыарда уонна эбиэт кэннэ сылдьаллар этэ. Дьоннор сөбүлээн икки сезон арыллыбыта».
Нэһилиэк ыччата Таала күөлүгэр кэлэн төһө баҕарар бэйэтин кыра дьыалатын атыылыыр кыахтаах. Оскуола оҕолоро манна кассирынан, сирдээччинэн сөбүлээн үлэлэһэллэр.
Майа сайдыытыгар ыччат дьон улахан кылаатын уурар. Сылын аайы өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэри тэрийэн, бэйэ олохтоохторугар хаар оҥоһуктары уһаныыга, бэйэ дьыалатын тэрийиигэ маастар кылаастары ыытыахтара.