Дьокуускайга хотугу норуоттар дьиэлэригэр эбэҥкилэр сугулааннара

90

Сийиэс чэрчитинэн күн ахсын араас тэрээһиннэр, төгүрүк остуоллар ыытыллаллар. Сугулаан сүрүн сыалынан-соругунан хоту олорор норуоттар олохторун-дьаһахтарын уонна саамай сүрүнэ кыһалҕаларын сырдатыы, аҕыйах ахсааннаах норуот дьонун-сэргэтин үөрэтии-такайыы буолар.

Анастасия Куличкина, Эбэҥкилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциацияларын чилиэнэ: «Үөрэтиэххэ наада, тоҕо диэтэргэ улуустарга дьоннорбут үчүгэйдик билбэттэр».

Кулун тутар 20 күнүгэр хотугу норуоттар дьиэлэригэр "Эвэды онёвун" диэн сугулаан чэрчитинэн быыстапка ыытылынна. Кыттыыны "Аборигенка" общественнай дьахталлар түмсүүлэрэ, Алдан, Анаабыр, Эдьигээн, Усуйаана, Өлөөн уонна Өлүөхүмэ талааннаах тарбахтардаах маастардара ыллылар. Быыстапка кыттаачылара оҥоһуктарын, таҥастарын-саптарын көрдөрдүлэр, сиһилии кэпсээтилэр.

Антонина Христофорова, "Аборигенка" дьахталлар түмсүүлэрин чилиэнэ: «Туох баар элэмиэннэрин биһи өйбүтүттэн буолбакка, түмэллэри үөрэтэн, кинигэлэри ааҕан оҥоробут. Сорох үлэлэрбит хат оҥоруу диэн буолар».

84 саастаах ытык кырдьаҕас маастар Галина Керегяева. Кини туох баар быыстапкалары көхтөөхтүк кэрийэр уонна кыттыыны ылар. Өрөспүүбүлүкэ эрэ иһинэн буолбакка атын регионнарынан сылдьан эмиэ оҥоһуктарын көрдөрөр. Галина Степановна сүрүннээн уҥуохтарынан, муостарынан, таба туйахтарынан оҥоһуктарын тиһэр. Быыстапкалары, сийиэстэри кэрийэ сылдьан арылдьыйабын уонна дьону кытта алтыһабын диэн астына саныыр.

Галина Керегяева, Дьокуускай олохтооҕо: «1991 сыллаахтан сийиэстэргэ барытыгар кыттан сылдьабын».

Бүгүн сүрүн болҕомтону таҥаска-сапка, малга салга эрэ буолбакка үйэттэн-үйэҕэ бэриллибит үҥкүүлэригэр эмиэ уурдулар.

Илии-илииттэн тутуһан, сарын сарынтан өйөнсөн эбэҥкилэр төрүт үҥкүүкэригэр түһүнэллэр. Буола турар сугулааннарын дэвэйдэ хамсаныытынан уонна ырыатынан арыаллаатылар. Александр Апросимов эбэҥкилэр төрүт үҥкүүлэрин ханна тутталларын уонна туох суолталааҕын кэпсиир.

Александр Апросимов, Эбэҥки "Хэглэн" норуодунай ансаамбылын чилиэнэя: «Оҕолор булчут сиэрин оҥороллор. Кыргттар эргэ баралларыгар эмиэ сиэр. Сиэр дуом сүрдээх элбэх».

8 төгүлүн ыытыллар сугулаан чэрчитинэн уопсайа 10-тан тахса тэрээһин ыытыллыаҕа. Бу курдук Саха сиригэр аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар олохторугар-дьаһахтарыгар, култуураларыгар улахан болҕомто ууруллар.