Ынах маассабай төрөөһүнэ буолан үрүҥ ас дэлэйэн эрэр

139

Римма Корякина ырыынакка атыыһытынан үлэлээбитэ быданнаата. Билигин үрүҥ ас атыытыгар турар. Үүтү, сүөгэйи, чөчөгөйү, иэдьэгэйи, быырпаҕы, барыанньаны атыылыыр. Бородууксуйа сүрүннээн киин, илин эҥэр улуустартан көхтөөхтүк киирэ турар. Суорат 150, сүөгэй арыытын бырыһыаныттан көрөн 300 солкуобайтан саҕаланар, кымыс лиитэрэтин аҥара 200 солкуобай.

Римма Корякина, атыыһыт: «Арыыны билигин алдьархай ылаллар, арыыбыт ыарабытын курдук турар. 1400 Амма арыыта. Сүөгэй, быырпах, халадьыас ылаллар».

Сотору кэминэн, чопчулаатахха аны күһүҥҥэттэн дойду үрдүнэн үүт ас сыаната ортотунан сэттэ бырыһыан үрдүө диэн сылыктыыллар. Маныаха сүрүн төрүөт оҥорон таһаарыы ороскуота үрдээбитэ уонна нэһилиэнньэ наадыйыыта эбиллибитэ буолар диэн экэнэмиистэр быһаараллар. Саха сиригэр билигин ынах маассабай төрөөһүнэ салҕанан барар, онон хаһаайыстыбалартан үрүҥ ас тиһигин быспакка кэлэ турар.

Саха сирин күөллэригэр, өрүстэригэр үөскүүр балыгы амсайыан баҕалаах талбытын ылар кыахтаах. Харчы эрэ наада. Дьокуускай олохтооҕо Анна Александрова ис миинэ амсайары ис ыла кэлбит. Сыананы хонтуруоллааһын олох ситэтэ суох диэн санаатын үллэстэр.

Анна Александрова, Дьокуускай олохтооҕо: «Бу норуокка атыыланар аһы кэлэн көрүөхтээхтэр, сыананы быһыахтаах балары кытта сөбүлэһэн. Эт сыаната ынырык, биирдэ эмит ыйга биирдэ-иккитэ ылабын. Ис ылар этим 350 эрдэҕинэ, билигин 500 буолбут».

Кыһыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ балыкка сыана кыралаан түстэ диэн атыыһыттар этэллэр эрээри, көрдөххө түспүтэ биллибэт.

Айжан Ибрагимова, атыыһыт: «Они начинались от 1000 до 1800 было. Самые крупные до 2500, 3500 были. Сейчас чуть дешевле стало».

Булт этин амсайыан баҕалаахха куобах кытта баар. Отон, сир аһын араас көрүҥэ эмиэ хото тэлгэммит. Отон 10 лиитэрэтэ икки тыһыынча, ону тэҥэ аҕыйахтыы киилэнэн эмиэ ылыахха сөп.