Дьокуускайга дьахталларга анаан спорт күнэ тэрилиннэ

87

Биллэр-көстөр общественнай инструктор Анастасия Габышева - Сыдьаайа кэрэ аҥардар ортолоругар туран чөл турук, доруобай буолуу кистэлэҥин арыйар. Күннэтэ тэттик эрчиллиилэр, кылгас кэмнээх сэрээккэлэр киһи уопсай туругун, тас көрүҥүн тупсарар кыахтааҕын бу күн мустубут дьон сэҥээрэ иһиттэ. Марафон кыттыылаахтара ону бэйэлэрин эттэринэн-сииннэринэн биллилэр.

Анастасия Габышева, уопсастыбаннай инструктор: «Кэрэ аҥардарга, олоҕу инники күҥҥэ сирдии сылдьааччыларга ыытыллар тэрээһин буоларын быһыытынан тугу күн ахсын оҥоруохтаахпытын көрдөрөн оҥоттордум».

Онтон уопуттаах йога инструктора Дмитрий Горохов кэлэн йога хамсаныытын, тыыныы гимнастикатын көрдөрдө. Бэрт кылгас кэм иһигэр мустубут дьон элбэх туһалаах эрчиллиини, саҥа, сонун хамсаныылары билистилэр. Күннэтэ оҥоһуллар эрчиллиилэр үөрүйэхтэрин ылыннылар.

Дмитрий Горохов, уопсастыбаннай инструктор: «Таиланд, Кытай, Индия йогтарын хамсаныыларын ыытабын. Ол саамай сүһүөххэ, хамсаныыга, тыыныыга туһалаах».

Тэрээһин бүтүн Арассыыйатааҕы "Сила России" спортивнай марафон чэрчитинэн ыытылынна. Итиэннэ бу күнтэн саҕалаан 8-с төгүлүн ыытыллар дьахталлар спартакиадалара саҕаланна. Бу тэрээһин бүтэһигин 2014 сыллаахха ыытыллыбыта. Онон 10 сыллаах тохтобул кэннэ үтүө сонун буолан эргиллэн кэллэ.

Зинаида Афанасьева,  СӨ спорт уонна физическай култуура маассабай уонна чэбдигирдэр спорт салаатын салайааччыта: «Бүгүн 100-тэн тахса киһини түмтүбүт. Кэлэннэр сүрдээх үчүгэйдик кытта сылдьаллар».

Тэрээһин сомоҕолоһуу флешмоб үҥкүүтүнэн түмүктэннэ. Спорт күнүн сыалынан-соругунан бу күнтэн ыла тэрээһиҥҥэ кыттыспыт дьон чөл олох, бигэ турук уонна саамай сүрүнэ доруобай-чэгиэн олоххо тардыһан саҕалыахтаахтар. Оччоҕуна тэрээһин сыалын-соругун сиппитинэн ааҕыллар.