Бэйэ олохтоох бородууксуйата элбиир

116

Валентина уонна Альберт Васильев сарсыардааҥҥы күн суһуктуйуута номнуо сыахтарыгар кэлэн, үлэ оройугар сылдьаллар. Билигин кинилэр бэйэлэрэ айан-толкуйдаан, технологиятын барытын тутуһан олоххо киллэрбит "Дьол" диэн ааттаах буһуу-ыыһаммыт халбаһыларын фаршын анал хахха куталлар

Альберт Васильев, "Олохтоох ас" сыах салайааччыта: «Кутуллуу буола турар. Бу хаҕы туустаах ууга инчэтэн баран испириискэ уган бэлэмниибит, халбаһы анньарын курдук. Таһааран ыытабыт онтон баайыллар. Үлэтэ көрдөххө боростуой соҕус, ол да буоллар бастаан эрэйдэмиппит онтон киһи туохха барытыгар үөрэнэр. Билигин үөрэнэн арыый түргэттээтибит».

Ааспыт сылтан Ньурбалар бэйэлэрэ, олохтоох халбаһыыламмыттара. Онно төһүү бу Васильевтар дьиэ кэргэн. Аҕа баһылык, сыах салайааччыта Альберт Васильев толкуйдаабытын олоххо киллэрэн билигин үлэ күөстүү оргуйар. Кэргэнинээн Валентиналыын үгүс үөрэхтэри ааһан, анал тэрил аатыылаһан, иккиэн күргүөмүнэн үлэлииллэр. Манна барыта илии үлэтэ.

Валентина Васильева, "Олохтоох ас" сыах үлэһитэ: «Оҥорбут бородууксуйабытын номнуо сарсыарда маҕаһыыҥҥа ыытарга бэлэмниибит. Бастаан хахпытыгар оҥоһуллубут күнүн суруйталыыбыт. Ол кэннэ вакуумунан суулуубут».

Оттон хас да түһүмэҕи ааһан, халбаһы анал оһоххо угуллар. Омуннаабакка эттэххэ, бородууксуйа толору бэлэм буоларыгар сарсыардаттан киэһээҥҥигэ диэри оһоххо буһар. Тутатына бэлэм буолбут халбаһылары сойуталлар. Нууччалыы эттэххэ "душирование", ол эбэтэр анал технология, бородууксуйа хаачыстыбалаах, минньигэс буоларыгар, сөпкө сойоругар туһаналлар.

Васильевтар дьиэ кэргэн күн бүгүн хас да көрүҥ бородууксуйаны оҥорон таһаараллар. Билигин үксэ ыыһаммыт халбаһылар. Оттон манан тохтоон хаалбакка, өссө кэҥээн, буһарыы халбаһыга үлэлэһэр сыал-сорук турар.