Оҕолорго аналлаах муус, хаар оҥоһуктар күрэхтэрэ ыытыллар
Эрбии тииһэ тоҥ мууһу тоҕута аалан муус оҥоһук чочуллар. Талба талааннаахтар, уран тарбахтаахтар кыһыҥҥы куоракка 6-с төгүлүн ыытыллар күрэххэ тоҕуоруһа муһуннулар.
Таатта улууһуттан сылдьар Алквиад Атастыров хамаандата "Бастакы балык" диэн ааттаах дьүһүйүүнү оҥоро сылдьар. Сайыҥҥы ылааҥы күнү санатар муус оҥоһук кэлэн иһэр уот куйаас күннэри санаппыттыы оҕо үөрбүт, дьолломмут хараҕынан бэриллиэхтээх.
Алквиад Атастыров, күрэх кыттыылааҕа: «Оҕолор сайыны быһа балыктаан бастакы балыктарыгар үөрүүлэрин манна көрдөрө сатаатыбыт. Бу эдьиийэ, бу быраата».
Онтон бу уопуттаах салайааччы Мария Николаевна хамаандата оонньуур массыынатын соһон иһэр уол оҕону ойуулууллар. Үөрбүт-көппүт, дьолломмут оҕону туттан-хаптан турарыттан, сырайыттан билиэххэ сөп. Быйыл кини икки хамаанданы кытыннарар.
Мария Гуляева – Туойа, күрэх кыттыылааҕа: «Бастакыларын үлэлии сылдьаллар. “Уолчаан үөрүүтэ” диэн дьүһүйүүнү оҥороллор. Кыһыҥҥы оҥоһук буолуохтаах».
Сааскы муус оҥоһуктар күрэхтэрэ үгэс быһыытынан оҕолорго ананар. Оҕолор уһуйааччыларын кытары тэҥҥэ үлэлээн муус оҥоһуктары оҥортууллар. Ол эрэн ыарахантан чаҕыйбаттар, уһун күн устата таһырдьа сылдьан тэҥинэн үлэлэһэллэр.
Рада Алиева, күрэх кыттыылааҕа: «Киһи кыһаллан оҥорор онтукабыт сотору буолан баран ууллара хомолтолоох. Ыарахан, усулуобуйабыт тымныы буолан, мууһу кытта үлэлиир буоламмыт. Иттэр сир баар, онон үчүгэй».
Быйылгы тэрээһин тиэмэтэ оҕо саас сылын чэрчитинэн "Дьоллоох оҕо саас" диэн ааттаннан ыытыллар. 16 хамаанда кыттыыны ылар. Саастарынан арахсан икки бөлөҕүнэн күрэхтэһэллэр.
Николай Птицын, күрэх тэрийээччитэ: «Муус оҥоһуктара 1,5 м. үрдүктээх муустан. Икки күн иһигэр бэйэлэрин көрүүлэринэн оҥоһук оҥорон таһаарыахтаахтар».
Аны бүгүҥҥүттэн хаар оҥоһуктар күрэхтэрэ саҕаланыа. Манна дьиэ кэргэн тиэмэтигэр 10 хаамаанда илиҥ-кэлиҥ түсүһүө. Хаар оҥоһуктар күрэхтэрэ биир күн устата ыытыллар.