«Азия оҕолоро» онньууларыгар бэлэмнэнии үлэтэ тэтимин ыһыктыбат
"Азия о5олоро" оонньууларга волейбол көрүҥэр Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандата. Илии күүһэ, атах сымсата ирдэнэр спорт биир бастын, өрө күүрүүлээх көрүҥэр бэлэмнэнии үлэтэ күүскэ ыыталлар. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан мустубут оҕолор кыайыыга эрэллэрэ улахан. 2 туһумэхтээх сбору ааһан, регион тас өттүгэр курэхтэргэ кыттан маастарыстыбаларын үрдэттилэр. Тренер этэринэн билиҥҥи көрдөрүү куһаҕана суох.
Айсен Жерготов, СӨ сүүмэрдэммит хамаандатын старшай тренерэ: «Аҕыйах хонуктааҕыта икки хонтуруолунай стартка баран кыттыбыппыт. Балаҕан ыйыгар Улан-Удэҕа “Кубок Байкала” диэн норуоттар икки ардынааҕы күрэхтэһиигэ 10 хамаандаттан 4-үс миэстэ буолбуппут. Онтон бу икки нэдиэлэ аннараа өттүгэр Читаҕа “Локоволей” диэн эмиэ норуоттар икки ардынааҕы күрэххэ тиийэммит 10 хамаандаттан 5-ис миэстэ буоллубут».
Айтал Шишигин Арктикатааҕы агротехнологическэй университет 1 кууруһун устудьуона. Кыра эрдэҕиттэн ыра санаа оҥостубут баҕатын толорон волейболунан сөбүлээн дьарыктанар. Хамаанда сүүмэрдээһинигэр киирэн үөрүүтэ үгүс, эппиэтинэс да улахан. Сүрүн сыал- кыайыы эрэ. Мантан атыны толкуйдаабат.
Айтал Шишигин, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическэй университет 1 кууруһун устудьуона: «Бастаан үөрбүтүм. Билигин үчүгэйдик дьарыктанабын. Бэйэбин бэлэмнии сылдьабын инник үрдүк таһымнаах күрэххэ кыттарга».
“Азия оҕолоро” оонньууларга бэлэмнэнии үлэтэ былаан быһыытынан ыытыллар. Дьокуускай куорат спортивнай комплексатарыгар араас таһымнаах үлэлэр бараллар. Ол курдук, 9 эбийиэккэ өрөмүөн ыытыллар. 77 кыбаарталга сана спортивнай комплекс тутуллар.
Сергей Местников, СӨ бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: «Билигин тутуу хаамыыта үчүгэй. 50% ититиитин киллэрбиттэр уонна кыһын устата ис үлэтин түмүктүөхтээхтэр. Саас ыам ыйыгар диэри абыйыагы түмүктээннэр “Азия оҕолоро” күрэхтэһиини манна ыытар бэлэмнээх буолуоҕа диэн бигэргэтэллэр».
Саха сирэ долгуйа күүтэр оонньууларыгар уопсайа 14 спорт көрүҥэ киирэн турар.
Леонид Спиридонов, СӨ спортка уонна физическэй култуураҕа миниистирэ: «Сылы быһа бэлэмнэнии үлэтин ыытта. Онньууларга дылы эмиэ бэлэмнэнии, сүүмэрдээһин күрэхтэһиилэрэ буолуохтара. Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги буолар көрүҥнэргэ үрдүк тренердары анаатыбыт».
Бэс ыйын 25 күнүттэн саҕалаан, от ыйын 7 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. 8 төгүлүн ыытыллар оонньууларга 300-тэн тахса спортсмен кыттыыны ылыаҕа.