Азия оҕолорун оонньууларыгар бэлэмнэнии күүстээхтик барар
Оҕолор сарсыардааҥҥы дьарыктара. Эһиил Саха сиригэр аан дойдутааҕы 8-с Азия оҕолорун оонньууларыгар харбааһын көрүҥүгэр дьарыктар саҕаламмыттара ыраатта. Бу спорт көрүҥүгэр эһиил 20 тахса оҕо кыттыыны ылыахтаах. Кыттар оҕолор хас да сүүмэрдээһини ааспыттара, аны кыһын үһүс түмүктүүр сүүмэрдээһини ааһыахтаахтар, ол кэннэ састааб бигэргэниэхтээх.
Эһиилги оонньууларга кыттар оҕолору хас да тренер бэлэмниир, дьарыктыыр. Наталья Иванова харбааһыҥҥа тренерынан улэлээбитэ ыраатта. Дьарык сарсыарда уонна киэһэ күн аайы буолар диэн кэпсиир. Билигин сүрүн хамаанда састааба Сахалин куоракка ситиүилээхтик курэхтэһэ сылдьар.
Наталья Иванова, "Чолбон" чэбдигирдэр киин тренэрэ: «Кэлэр сылга буолар Азия оҕолорун оонньууларыгар харбыы көрүҥэр бастакы хамаандаҕа 14 оҕо кыттыахтаах, 7-тэ уол. 2008-9 сыллахтар. 7-тэ кыыс 2010-11 сыллаахтар. Иккис хамаандаҕа кытталлар: 4 кыыс уонна 4 уол, ону таһынан өссө 6 оҕо резервэҕэ баар. Билигин буоллаҕына бэлэмнэниигэ хас биирдии тренер үлэлии сылдьар, дьарыкпыт күн аайы буолар. Билигин Сахабыт сириттэн Сахалин куоратыгар 24 оҕо күрэхтэһэ сылдьар, онтон 7 оҕо Мииринэйтэн. Ол быыстарыгар Азия оҕолорун оонньууларыгар кыттыахтаах оҕолор кытта сылдьаллар».
Аан дойдутааҕы 8-с Азия оҕолорун оонньууларыгар киин куорат спортивнай эбийиэктэригэр өрөмүөн, саҥардыы үлэтэ бара турар. Эллэй Боотур, Туймаада стадион, Самородок киин эһиилги Азия оҕолорун көрсөргө бэлэмнэнэллэр. Чолбон чэбдигирдэр киинигэр эмиэ саҥардыы үлэтэ ыытыллыбыта, онон кыттааччылары көрсөргө бэлэм.
Пётр Черкашин, "Чолбон" чэбдигирдэр киин дириэктэрэ: «Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги Азия оҕолорун оонньууларын ыытарга 80% бэлэммит. Мантан саас биһиэхэ “Омега” электроннай хронометраж кэлиэхтээх, ол эбэтэр старт тумбаттан саҕалаан свистогар, секундомерыгар тиийэ аан дойдутааҕы стандартка эппиэттиир. Оттон оҕолорбут дьарыктана аҕай сылдьаллар. Быйыл Мархаҕа саҥа киирбит ФОКбутугар да бааллар уонна сүрүн састааб манна Чолбоҥҥо кэлэннэр дьарыктаналлар. Чолбон стандартка барытыгар эппиэттиир уонна олимпийскай лиссиэнсийэлээх».
Киин куоракка уопсайа 16 спортивнай эбийиэккэ тупсарыы, өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. Оттон эдэр спорсменнар дьарыктара тохтооботун туһугар усулуобуйаны олохтууллар. Итиэннэ саҥа элбэх хайысхалаах спортивнай саала Сайсары уокуругар тутулла турар, итиэннэ туох баар ирдэбилгэ эппиэтиир саҥа скалодром тутуллар. Маны таһынан кыттааччылар туһэр сирдэрин бэлэмнээһин улэтэ барар.
Айталина Божедонова, Аан дойдутааҕы 8-с Азия оҕолорун оонньууларын дирекциятын култуурнай тэрээһиннэрин салайааччыта: «ХИФУ туох баар уопсайдарыгар өрөмүөн бара турар. Спортсменнарбытын көрсөөрү бэлэмнэнэ ахан сылдьабыт. Биһиги эрэ Өрөспүүбүлүкэбититтэн эрэ буолбакка, туох баар дойдулартан Добро.рф диэн сайтка волонтердары хомуйа сылдьабыт, ким баҕалаах кыттыахтарын сөп уонна билигин кэлэн эттэххэ 1,5 тыһ. курдук волонтеру кэтэһэбит».
Саха сиригэр аан дойдутааҕы 8-с Азия оҕолорун оонньууларыгар эдэр спортсменнар 24 керүҥҥэ кыттыахтара. Оонньуулар эһиил сайын бэс ыйын 26 күнүттэн, от ыйын 6 күнүгэр диэрии ыытыллыахтара. Хаһаанытааҕар да элбэх кыттааччы уонна ыалдьыт кэлэрэ күтүллэр