Дьокуускай оскуолатыгар оҕо креативнай кластера арылынна
Оҕо айар дьоҕурун сайыннарар үөрэх - үөрэҕирии ураты хайысхата буолар. Дьокуускай куорат 7-тэн 11 кылааска диэри үөрэнэр оҕолоро уопсай үөрэхтээһин таһынан баҕалаах идэлэригэр үөрэнэр кыахтаннылар. Үс кылаас толору саҥа тиэхиникэнэн хааччылынна. Гран үбүнэн аныгы хаартыскаҕа түһэрэр уонна киинэ устан таһаарар кыахтаах саҥа камералар, объективтар, устуудьуйа уота, микрофоннар, графическай планшеттар, электроннай стабилизатордар ылылынна. Оҕолор күҥҥэ 1-2 чаас устата талбыт хайысхаларыгар сыһыаннаах учууталларга үөрэниэхтэрэ.
Инна Брызгалова, Дьокуускай куорат 31№-дээх оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ: «Фотограф уонна видеограф куруутун наада. Дьонноргун, аймахтаргын игин түһэрэр буоллахына фотоаппарат арендалыаххын сөп, уотун игин уонна бэйэҥ түһэриэххин сөп».
Оскуола оҕолоро төһө да сынньалаҥҥа сырытталлар, сөбүлүүр дьарыктарыгар көтүппэккэ кэлэллэр. Саҥа техникэлэрэ ханнык баҕарар киинэни үрдүк таһымҥа оҥорон таһаара кыахтаах. Киинэ устарга видео, хаартыска үөрэҕэ, оттон саҥаларын, ырыаларын устан таҥан таһааралларыгар саунд-дизайн уонна биллэн турар графическай дизайн улахан көмө буолуоҕа.
Сергей Протопопов, Дьокуускай куорат 31№-дээх оскуолатын учуутала: «Звуковой дизайн диэн видео устабыт, ону озвучкалыыбыт. Бу оҕолорго, туох тыаһа баар буолуон сөбүн, ханнык муусуканы талыахтарын сөбүн көрдөрөбүт. Саҥа микрофоннары ылбыппыт, көмпүүтэрдэр кэллилэр».
Кылааһыттан тутулуга суох оҕолор бары бииргэ үөрэнэллэр. Тута бастакы үөрэх күнүттэн быраактыкаламмытынан бараллар. Оҕо үөрэҕи түөрүйэ эрэ көмөтүнэн буолбакка, ордук быраактыка нөҥүө элбэх билиини иҥэринэр диэн учууталлар бэлиэтииллэр.
Дмитрий Попов, Дьокуускай куорат 31№-дээх оскуолатын эбии үөрэхтээһин учуутала: «Мы хотим сделать так, что в течении года ребята проходили различные курсы, мастер-классы и через проектную лабараторию создали собственный фильм. В конце этого проекта будет кинофестиваль детских фильмов».
Оҕолор камераны хайдах туһанарга, түһэрбит матырыйааллары тупсарарга анал туох бырагыраамалар баалларын сиһилии чинчийэллэр. Оттон оскуолаҕа саҥа үөрэх хайысхата арыллыбыта - бу оҕолор инникилэригэр улахан төһүү буолар диэн оскуола салалтата бэлиэтиир.
Ия Васильева, Дьокуускай куорат 31№-дээх оскуолатын иитэр-үөрэтэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы: «Биһи учууталбыт – Дмитрий Игнатьевич Попов быйыл грант сүүйбүтэ. Бэйэтин бырайыагынан бу “Детский креативный кластер” диэн. Эдэр киһи быһыытынан идеята наар элбэх, аныгы буолан куорат оҕолоругар барыларыгар анаата».
Үөрэх дьылын түмүгэр оҕолор араас креативнай бырайыактары олоххо киллэриэхтэрэ уонна маны таһынан кэлэр сыл ыам ыйын ортотугар Оҕо креативнай кластерын бэстибээлигэр киинэ оҥорон кыттыыны ылыахтара. Бэриллибит бириэмэ иһигэр наадалаах хайысханы баһылаан, үөрэҕи ааспыттарын туһунан туоһу суруктаах буолуохтара.