Быйылгы быыбарга уопсай куоластааччы 48 эрэ быраһыана таҕыста

65

Саха сиригэр куоластааһын барыллаан түмүгэ билиннэ, ол курдук Ил Дархан дуоһунаһыгар Айсен Николаев 75,44 суотай куолаһы ылан, эрэллээх кыайыыны ситистэ. Виктор Губарев 10,41 быраһыаны ылан иккис миэстэҕэ таҕыста, Гаврил Парахин 5,69 уонна Игорь Борисов 5,20 быраһыан куолаһы ыллылар. Уопсайа Саха сиригэр 811 учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа үлэлээн, быыбар үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын бэлиэтээтилэр.

 

"Тэрээһинэ үчүгэй. Мин өссө куруутун этэбин, быыбардыыр хамыһыйаларга  уопуттаах, үлэлиир баҕалаах дьон, партиялар, үлэ коллективтара, мунньахтартан ыытыллыбыт дьон үлэлииллэр. Эппиэтинэс элбэх, 30  сыл кэриҥэ үлэлээбит биһиги бэрэстэбиитэллэрбит бааллар", - диэн Саха сирин киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Фёдоров этэр.

 

Ил түмэҥҥэ партия испииһэгинэн Биир ньыгыл Россия 54,26 суотай куолаһы ылан 22 мандааты ылыаҕа, онтон Саҥа дьон партия 14,17 суотай куолаһы ылан, 5 миэстэни ылары ситистэ, КПРФ партия 4 мандааты ылла, Сиэрдээх Россия 3 мандааты уонна ЛДПР 1 миэстэни ылыаҕа. Онтон мажоритарнай систиэмэнэн уопсайа 35 мандат иһин киирсибиттэриттэн, 33 миэстэни Биир ньыгыл Россия ылла уонна биир миэстэни Саҥа дьон партията ылла, Үөһээ Бүлүү - Горнай быыбардыыр уокуругуттан Владимир Поскачин бэйэтин кандидатуратын туруоран, эрэллээх кыайыыны ситиһэн Ил Түмэн дьокутаата буолары ситистэ. Онон сотору кэминэн, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын талыахтара уонна эһиил кулун тутар ыйга дойдубут президенин таларга бэлэмнэнии ыытыллыаҕа.

 

Уопсайа Ил Түмэҥҥэ 70 мандаат баарыттан, быһа барыллаан көрүүнэн, биир ньыгыл Россия 55 миэстэни, Саҥа дьон 6, КПРФ 4, Сиэрдээх Россия 3, ЛДПР 1, бэйэ туруорунуу 1 миэстэни ылары ситистилэр. Ол эрэн, бу барыта быһа барыллаан көрүүннэн, чопчу быыбар түмүгүн бэрэбиэркэ кэнниттэн балаҕан ыйын 13-14 чыыһылаларыгар таһаарыахтара. Сотору кэминэн Саха сиригэр интэрнет нөҥүө куоластааһын, саҥа ньымалары туһаныы эмиэ киирэр чинчилээх.

 

"Биллэн турар, биһиги дойдубут быыбарын систиэмэтэ сайда турар. Ол иһин аҕыйах тылынан пресс-конференцияҕа эттим, бу сааскы улахан федеральанай быыбарга саҥа сүүрээннэр киириэхтэрэ", - диир Саха сирин киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Фёдоров.

 

Быйылгы быыбардар 2018 сыллааҕыны кытта тэҥнээн көрдөххө, нэһилиэнньэ кыттыыта 2 быраһыанынан түстэ. Ол эбэтэр уопсай куоластааччы 48 эрэ быраһыана таҕыста, бу уһук илиҥҥи уокурукка куһаҕана суох көрдөрүү.