Дьокуускай куорат төрөөбүт күнэ киэҥ далааһыннаахтык ааста
Быйыл Дьокуускай куорат тэриллибитэ 391 сылын бэлиэтиибит. Киин куорат сайдар суола эргэ куораттан саҕаланар. Онон бу күн Өрөспүүбүлүкэ салалтата, олохтоохтор, Дьокуускай куораты олохтообут Петр Бекетов салайыылаах хаһаактар кэлэннэр бэлиэ уурбут сирдэригэр, мэҥэ тааска сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, ахтан санаан ыллылар.
Дьокуускай куораты сайыннарыыга, куорат социальнай-экономичэскэй балаһыанньатын ырытан, кэлимник чинчийэн, куорат 2032 сылга диэри сайдар маастар-былаанын бу күннэргэ Арассыыйа президиэнэгэр билиһиннэрбиттэрэ. Ирбэт тоҥҥо турар Дьокуускай куорат дьон-сэргэ олороругар, үлэлииригэр, үөрэнэригэр бары өттүнэн табыгыстаах уонна сайдыылаах буолуохтаах.
"2032 сылга диэри биһиги Дьокуускай куораппытын ирбэт тоҥҥо саамай үчүгэй куорат оҥоруохтаахпыт. Ол барыта табыллар, тоҕо диэтэххинэ Сахабыт сирин тэбэр сүрэҕэр күүстээх санаалаах, үлэни өрө туппут дьон олороллор. Бары бииргэ түмсэн, үлэлээн Дьокуускай куораппытын сайыннара туруохпут", - диэн Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрдэ.
Дьокуускай - килбиэннээх үлэ куората. Бу үрдүк ааты киин куорат олохтоохторо оччоттон баччаҕа диэри туруу үлэлэлэринэн, куорат, дойду туһугар кылааттарынан саҕаллар. Бырааһынньыктааҕы бырагыраамма чэрчитинэн, өр сыллаах бэриниилээх үлэһиттэри, дьоһун ситиһиилээх дьону чиэстээтилэр, ситиһиилээх үлэлээхтэргэ наҕараада туттардылар. Дьокуускай бочуоттаах олохтоохтооҕун аатын быйыл 2 киһи ылла.
"Бүгүн миэхэ наҕараада туттарбыттара олус үөрүүлээх, долгутуулаах. Соһуйдум даҕаны диэххэ. Куорат дуумата быһаарыы ылбытыгар, мин маҥнай итэҕэйбэтэҕим. Бүгүн кэлэн кыһыл лента кэтэммин, дьэ итэҕэйдим", - диир "Дьокуускай куорат бочуоттаах олохтооҕо" бэлиэ хаһаайына Екатерина Никитина.
Дьокуускай куоракка бу күннэр устата араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллыннылар. Быйыл ордук эдэр ыччакка, кырачааннарга хас да хайысханан арахсан элбэх былаһаакка үлэлээтэ. Олохтоохтор, ыалдьыттар тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Сылын аайы куораппыт тупсан, сайдан иһэр диэн санааларын үллэстэллэр.
Болуоссат, уокурук аайы кэнсиэрт, ас-үөл, атыы-эргиэн дьаарбаҥката, айар талааннаахтар быыстапкалара, маастар кылаастар, уруккуну-билиҥҥини кэрэһэлиир хаартыскалар, уруһуйдар дьон дьүүлүгэр турдулар. Тэрээһиҥҥэ дьон сүрүн болҕомтотун "Урукку кэм кэрэһиттэрэ” коллекционердар быыстапкалара ылла.
"Куораппыт төрөөбүт күнүнэн биһиги быыстапка оҥордубут. Тиэмэтэ “80-90 сылларга биһиги олохпут” диэн. Ону көрдөрө сатаатыбыт уонна хаартыскаҕа түһэр суона оҥордубут", - диэн Дьокуускай куорат олохтооҕо Татьяна Шишигина сырдатта.
Маны таһынан, олохтоохтор ас-үөл бэстибээлигэр сырыттылар. Сылын аайы ыытыллар балык миинин бэстибээлигэр кыттыан баҕалаах киһи уонна көрөөччү элбээн иһэр диэн тэрийээччилэр этэллэр. Николай Слепцов ас-үөл эйгэтигэр үлэлээбитэ 25 сыл буолла. Бу күрэххэ анаан-минээн хамаанда туруоран, бэйэлэрин сатабылларын дьон дьүүлүгэр көрдөрө кэлбиттэр.
"Балык миинэ 2 көрүҥнээх буолла. Бастакы чиир балыгыттан, иккиспит соботтон. Үчүгэй санаалаах буоллаххына ас табыллар", - диэн этэр "Балык миинэ" күрэх кыттааччыта Николай Слепцов.
Дьокуускай куорат төрөөбүт күнэ киэҥ далааһыннаахтык ааста. Бырааһынньыктааҕы тэрээһиҥҥэ элбэх киһи муһунна. Аны 9 сылынан Дьокуускай куорат 400 сыллаах үбүлүөйун көрсө сайдыыга, эйгэни тупсарыыга улахан сыал-сорук туруоруллунна. Үгэс быһыытынан бырааһынньык эҕэрдэ салютунан түмүктэннэ.