Туох барыта тиэргэнтэн саҕаланар
Улахан дьиэ кэргэн хаһаайката Наталия Нохсорова быйаҥнаах үүннэриинэн дьарыктаммыта ыраатта, бэйэтэ этэринэн бэйэтин өйдүөҕүттэн үүнэйини интириэһиргиир. Хатас олохтоохторо Нохсороптор тиэргэннэригэр сынньана, хаартыскаҕа түһэ сибэкки саадыгар курдук күүлэйдээн ааһаллар. Уунан үүнэр уһун оттоох сибэккилэртэн саҕалаан, роза бары көрүҥнэригэр тиийэ элбэх сибэккини ааҕыахха сөп. Сааскы дьылтан саҕалаан үүннэрэн хас биирдии сибэккигэ сөптөөх усулуобуйаны таптахха, төһө баҕарар үүннүөн сөп диэн санаатын үллэстэр:
"Хас биирдии үүнээйигин олордуон иннинэ, кини хайдах буолуохтааҕын, хаһан олоруохтааҕын барытын үөрэтиэххэ, ааҕыахха наада. Туох ыарыы буолуон сөбүн, тугунан ыалдьыан сөбүй, хайдах гыннахха үчүгэйдик үүнэрий. Көрүүтүн-харайыытын барытын эрдэ үөрэтэн баран олордоҕун".
Маннык элбэх үүнээйини соҕотох киһи көрөрүгэр олус үлэлээх эрээри, дьиэ кэргэнин көмөтө хайа баҕарар көрүүлээх үлэни чэпчэтэр. Сайын устата үүммүтүн кэнниттэн, күһүөрү оскуола оҕолоро Билии күнүгэр сибэккилэнэн баралларыгар талан ылаллар, онтон хаалбытын эһиилги үүннэриигэ хаалларан силис тартараллар. Оччоҕуна үүнээйи үйэтэ уһуур.
"Бу сибэккилэр үксүлэрэ череноктаналлар, сиэмэнэн үүнэллэрэ олус ыарахан. Ол иһин дьиэҕэ киллэрэҕин уонна череноктаан эһиилгигэ бэлэмниигин. Сорохторун оскуолаҕа биэриэхпит, оҕолор көрүөхтэрэ, сайыннарыахтара. Эһиил маточнайбытын бэйэбит ылыахпыт эмиэ", - диир Наталия Нохсорова.
Маны таһынан, боруобаҕа диэн дьиэ араас кыылларын иитэллэр. Хороҕор муостааҕы, индюгу, боруода кууруссаны, куруолугу, ыты ордук таптаан иитэллэр. Оҕо кыра сааһыттан дьиэ кыылларын көрө үөрэннэҕинэ, улаатар сааһыгар үтүө, сымнаҕас майгылаах буолар диэн Наталия бэлиэтиир. Ол иһин бэйэтин оҕолоругар кыра саастарыттан дьиэ кыылларыгар үтүө сыһыаннаах буоларга үөрэтэр.
Саха сиригэр сотору кэминэн, соҕуруу үүнэр астары баһылаан үүннэриэхтэрэ диэн оҕуруоччут бигэ эрэллээх. Аҕыйах сыллааҕыта Орто азия арбуһа атыыга элбэх эбит буоллаҕына, билигин саха сирин арбуһа атыыга элбэхтэ тахсан, номнуо дьон биһирэбилин ылбыта. Сири уоҕурдууга сахалар бэйэлэрэ оҥорор, куһаҕан химията суох уоҕурдууну туһаныахха диэн дьонун-сэргэтин ыҥырар.
"Уоҕурдууга Саха сиригэр оҥоһуллар эмбиотаны туттабыт. Ол олох үчүгэй, эппиккэ дылы, туох да химическэй эбилигэ суох", - диэн Наталия Нохсорова этэр.
Оҕуруот аһын барытын кыайа үүннэрбит, олортон биирдэстэрэ Атлант диэн тыква арааһа буолар. Саха сирин кылгас сайыныгар 3 эрэ ыйгэ үүннэрбит, сааскыттан үүннэрбитэ буоллар туонна аҥаарыгар тиийэ улаатар кыахтаах суорт эбит. Сыл аайы саҥаттан-саҥа эксперимени оҥорон, оҕуруоппун дэлэтэр сыаллаахпыт диэн этэр.
Киһи оҕуруот, сибэкки олордуутунан дьарыктаннаҕына илиитин имэ сайдан, мэйии үлэтэ тупсар диэн бэлиэтиир, оттон оҕолор үлэҕэ олус сыстыгас уонна кэрэҕэ сырдыкка тардыһыылара күүстээх буолар. Нохсороптар туох барыта тиэргэнтэн саҕаланар диэн санаанан салайтараллар.