Тутар этэрээттэр үлэлэрин кэмэ саҕаланна
Сайыҥҥы үлэ кэмэ саҕаланан устудьуоннар тутар этэрээттэрэ сотору кэминэн үлэ үөһүгэр түһүөхтэрэ. Үгэс быһыытынан эдэр дьон олох-дьаһах араас эйгэтигэр 2-3 ый устата үлэлиэхтэрэ-хамныахтара. Кэбээйи улууһуттан төрүттээх Сергей Семенов ХИФУ физико-техническэй институтун 2 кууруһун бүтэрэр. Кини аан бастакытын тутар этэрээккэ киирдэ. Уонна аан бастакытын саҥа этэрээт хамандыырынан ананна. Сергей быйыл саҥа аһыллар пуойас пассажирдарын арыаллааччыларын этэрээтин салайыаҕа, үксэ манна кыыс аймах үлэлии барыаҕа.
Сергей Семёнов, "Даймонд" тутар этэрээт хамандыыра: "Этэрээппэр уопсайа 20 байыастаахпын. Бары пуойас арыаллааччытын идэтигэр үөрэннибит, эксээмэн туттаран туоһу сурук ыллыбыт. Олус эппиэтинэстээх үлэ".
Быйыл уопсайа 2700 үрдүк, орто үөрэх кыһаларын устудьуоннара өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар эрэ буолбакка, Россия регионнарыгар тиийэ үлэлиэхтэрэ. Быйыл ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, 200 элбэх ыччат тутуу, бырамыысыланнас, онтон да атын хайысхаларга хабыллыаҕа. Ол курдук 7 хайысханан үлэ тэриллиэҕэ. Орто аахсар хамнастара 40 тыһыынчаттан тахса. Ону тэҥэ тустаах тутар этэрээттэр эмиэ бааллар. Холобура, устудьуоннар үөрэнэ сылдьар идэлэринэн үлэлиэхтэрэ. Сыллата буоларын курдук сүрүн үлэнэн тутуу эйгэтэ буолар.
Айсен Соловьёв, РФ устудьуоннарын тутар этэрээттэрин Саха сиринээҕи салаатын салайааччы: "Сүрүн өттө тутууга үлэлиэхтэрэ. Маны сэргэ бырамыысыланнаска элбэх оҕо барыа. Ол курдук АЛРОСА, “Анаабыр алмаастара” курдук бөдөҥ хампаанньалары кытары дуогабардастыбыт. Олорор дьиэлэри тутууга устудуьоннар этэрээттэрэ быйыл сайын эмиэ көхтөөхтүк үлэлиэ. Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиэхтэрэ. Балык хаһаайыстыбаларыгар чукоткаҕа, Сахалиҥҥа барыахтара. Туризм хайысхатынан 3 этэрээт Краснодарскай кыраайга барда".
Саха сиригэр устудьуоннар тутар этэрээттэрин хамсааһына 1968 сыллаахтан саҕаламмыта. Бастаан уопут мунньуута, үөрэнии барбыта, салҕыы этэрээттэр кэккэлэрэ хаҥаан испитэ. Уонтан тахса сыллааҕыта 2011-гэ "Россиятааҕы устудьуоннар тутар этэрээттэрэ" диэн ыччат общественнай тэрилтэтигэр кубулуйан, биир бөдөҥ дойду экономикатыгар быһаччы сабыдыаллаах, сайдыыны уһансар хамсааһын буола тэнийдэ.
Яна Иванова, РФ устудьуоннарын тутар этэрээттэрин Саха сиринээҕи салаатын PR отделын салайааччы: "Сотору кэминэн бэтэрээннэр бастакы сүлүөттэрэ буолуо. Онно 1968-1983сс тутар этэрээттэргэ үлэлии сылдьыбыт дьон кыттыыны ылыахтара".
Билиҥҥи туругунан устудьуоннар тутар этэрээттэригэр 150 тыһыынчаттан тахса ыччат үлэлээн аста. 2016 сылаахтан устудьуоннар этэрээттэрин үлэлэрин үрдүктүк сыаналыыр сыаллаах, бастыҥ байыастарга Ил Дархан бириэмийэтэ олохтоммута. Онон сайынны кэми дьон-сэргэ туһа, тус бэйэҕэ даҕаны көдьүүстээхтик атаарарга кыах баар.